Олоҥхо сыыппаралара
2006 сылтан сэтинньи 25 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр.
2025 сыл сэтинньи 25 күнүттэн Олоҥхо үһүс 10 сыла саҕаланна.
2006 сылтан улуустарга Олоҥхо ыһыаҕын ыһыы үтүө үгэскэ кубулуйда. 18-с Олоҥхо ыһыаҕа ааспыт сайын Нерюнгри оройуонун «Таастаах» кэрэ-мааны миэстэтигэр от ыйын 3-5 күннэригэр 70-тан тахса тэрээһини хабан ыытыллыбыта. Ыһыахха өрөспүүбүлүкэ 16 улууһуттан 200-чэкэ олоҥхоһут мустубута.
Эһиилги Олоҥхо ыһыаҕа Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгэр «Уһун Хонуу» ытык сиргэ ыытыллыаҕа.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр 170-ча киһи олоҥхону толорор, ол иһигэр 5-тэн 17-гэр диэри саастаах 100-чэкэ оҕо.
2022 сылтан олоҥхону толорооччуларга Ил Дархан истипиэндьийэтэ олохтоммута. Лауреттар сыл устата ыйга 30 тыһ. солк. кээмэйдээх истипиэндьийэни ылаллар. Маныаха өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр сыллата 7 мөлүйүөн 560 тыһ. солк. көрүллэр, оттон уопсайынан Олоҥхону сайыннарыыга регион бүддьүөтүгэр 50 мөлүйүөнтэн итэҕэһэ суох кээмэйдээх үбү көрөргө кыһаллаллар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ 107 олоҥхоһут Ил Дархан истипиэндьийэтин хаһаайына буолла.