28.11.2025 | 16:00 | Просмотров: 123

Олимпиадаҕа тэҥнээхтэрин булбатылар

Олимпиадаҕа тэҥнээхтэрин булбатылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта Уһук Илиннээҕи федеральнай университекка ыытыллыбыт клиническэй дьиссипилиинэлэргэ Бүтүн Арассыыйатааҕы  «Medscope» олимпиадаҕа ХИФУ устудьуоннара кыайыы көтөллөннүлэр.

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ мединститутун хамаандата  үс тыҥааһыннаах күн түмүгүнэн бастакы миэстэни ылары ситистэ. Маны таһынан хапытаан Владимир Егоров, Мария Лобанова, Алеся Ермолаева уонна Дина Малогулова сүүмэрдиир түһүмэххэ клиническэй садаачаны уратытык суоттаан, туспа анал аакка тигистилэр. 

Сүүмэрдиир түһүмэххэ дойду 14 эрэгийиэниттэн барыта 30-тан тахса хамаанда кыттыбыт, онтон финалга 12 эрэ талыллан ыҥырыллыбыт.  Кыайыылааҕы быһаарар түмүктүүр түһүмэххэ ХИФУ мединститутун хамаандатын кытта И.М. Сеченов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай медицина университета, Уһук Илиннээҕи федеральнай университет, Уһук Илиннээҕи судаарыстыбаннай медицинскэй университет, ону сэргэ Иркутскайдааҕы судаарыстыбаннай медицина университета уонна Чуумпу Акыйааннааҕы судаарыстыбаннай медицина университета курдук дойду бастыҥ кыһалара күөн көрүстүлэр.

«Күрэс ыарахан этэ, хамаандалар бары үрдүк таһымнаахтык бэлэмнэммиттэрин көрдөрдүлэр. Үс күннээх күрэх түмүгүнэн биһиги хамаандабыт олимпиада кыайыылааҕынан буолла. Манна кыттыбыппытыттан, сылаас уонна ыалдьытымсах Владивостокка сылдьыбыппытыттан олус астынныбыт. Бу курдук тэрээһиннэр билии таһымын үрдэтэргэ, толкуйдуур дьоҕуру, саҥарар сатабылы сайыннарарга уонна хамаандаҕа үлэлииргэ бэртээхэй былаһаакка буолаллар», – диэн кэпсээтэ Мария Лобанова. 

Олимпиада бастакы күнүгэр терапияҕа, сыстыганнаах ыарыыларга, педиатрияҕа, неврологияҕа уонна да атын дьиссипилиинэлэргэ теорияҕа бэлэмнэрин бэрэбиэркэлээбиттэр. Иккис күҥҥэ алта станциялаах күрэх ыытыллыбыт, онно устудьуоннар практическай сатабыллара эрэ буолбакка, тобуллаҕас толкуйдара, хамаандаҕа үлэлиир дьоҕурдара сыаналаммыт. Үһүс күҥҥэ устудьуоннар атын хамаандалары кытта билим өттүгэр күүстэрин холоспуттар.  

 

Хаартыска: www.s-vfu.ru саайтан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.