Оһуохай тылын этиигэ оҕолор куонкурустара ыытыллыа
Бу куонкурус дойдуга – Арассыыйа норуоттарын биир сомоҕо буолууларын уонна Саха сиригэр биллэриллибит Култуура сылыгар сыһыаран ыытыллар.
Кимнээх кытталлара
Күөн күрэскэ уопсай үөрэхтээһин орто оскуолаларын, ускуустуба оскуолатын уонна устуудьуйа үөрэнээччилэрэ – 7 саастарыттан саҕалаан, куонкурус ыытыллар кэмигэр 17 саастарын туола илик оҕолор – кытталлар. Күрэхтэһиигэ саастарыттан тутулуктанан, икки бөлөххө арахсан, кытталлар. Бастакы бөлөххө – 7-лэриттэн 12 саастарыгар диэри, иккискэ – 13-17 саастаахтар киирсэллэр.
Күрэх икки түһүмэхтээх
Күрэх икки түһүмэхтээх. Бастакы түһүмэх улуустарга алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 15 күнүгэр диэри буолуоҕа. Күрэҕи култуура уонна үөрэх управлениелара тэрийэн-бэрийэн ыыталлар.
Иккис түһүмэххэ хас биирдии муниципальнай тэриллииттэн бэйэлэрин улуустарын куонкуруһугар кыайыылаах тахсыбыт оҕолор кытталлар. Икки көрүҥ бөлөххө иккилииттэн элбэҕэ суох бэрэстэбиитэл кэлиэхтээх.
Куонкурус иккис, өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэ дьоллоох Дьокуускай куоракка, “Айыы кыһатын” дьиэтигэр-уотугар буолуоҕа.
Усулуобуйата
Оһуохай тылын этээччи оҕолор муниципальнай түһүмэххэ 10 мүнүүтэттэн саҕалаан, 15 мүн. диэри уһуннаах оһуохай тылын этиэхтэрин сөп. Итинтэн кылгас, уһун да буолуо суохтаах. Оһуохай тылын таһаарааччы кынат буолар оҕолордоох кыттара биһирэнэр.
Финалга икки бөлөхтөн биэстии эрэ оҕо тахсар, ол эбэтэр уон буолаллар. Сүрүн, өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ оҕолор бэриллибит тиэмэҕэ сонно тута толкуйдаан, өйдөрүттэн ылан толоруохтаахтар. Ол эбэтэр, импровизация буолуохтаах. Иккиһинэн, кинилэр финалга оһуохай тылын этиилэрэ 4 мүнүүтэттэн уһаабата ирдэнэр. Ким кэнниттэн ким этэ тахсан этэрэ сэрэбиэй түмүгүнэн быһаарыллар.
Наҕараадалара
Куонкурус лауреаттарыгар барыларыгар туһааннаах дьупулуому сэргэ харчынан бириэмийэ ананар. Ол курдук, бастакы бөлөххө (7-12 саастаахтарга) 1-кы истиэпэннээх лауреат буолбут этээччи – 35 тыһ. солк., иккис истиэпэннээх – 25 тыһ. солк., 3-с истиэпэннээх – 15 тыһ. солк. ылар чиэстэнэр.
Иккис бөлөххө, кыайыы кынаттаммыт кыттааччыга – 45 тыһ. солк., 2-с истиэпэннээххэ – 35 тыһ. солк. ананар. Оттон 3-с истиэпэннээх лауреат 25 тыһ. солк. ылыаҕа.
Куонкурус оһуохай оонньуу үгэһин үйэтитэр, Арассыыйа норуоттара биир сомоҕо буолууларын бөҕөргөтөр сыаллаах.
Куонкуруһу СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы, ону тэҥэ Үөрэх, билим министиэристибэлэрэ кыттыһан тэрийэллэр. Уопсай тэрээһин боппуруостарынан уонна тэрээһини Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын уонна социальнай-культурнай технологиялар Дьиэлэрэ ыытар.
Күрэх Балаһыанньатын сиһилии бу сигэнэн киирэн билсэр кыахтааххыт здесь.
Онон оһуохай тылын этээччи оҕолоргутун кытыннарарга кыһаныҥ.