22.10.2026 | 11:30 | Просмотров: 84

Оҕолорго умнуллубат экскурсия

Киин куорат 31 №-дээх оскуолатын 4 «ж» кылааһын үөрэнээччилэрэ Олохтоох дьаһалта дьиэтигэр ыалдьыттаатылар, үлэ хайдах тэриллэрин, куорат олоҕор тыын суолталаах боппуруостар ханна быһаарыллалларын биллилэр.
Оҕолорго умнуллубат экскурсия
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Экскурсияны куорат баһылыгын солбуйааччы Ольга Яшина иилээн-саҕалаан ыытта.  Кини оҕолорго мээр Дмитрий Садовников уонна дьаһалта үлэһиттэрин тустарынан кэпсээтэ. Үөрэнээччилэр тиэргэннэри, суоллары тупсарыы, уулуссаны ыраастык тутуу туһунан санааларын үллэһиннилэр, интэриэһиргиир ыйытыыларыгар хоруй ыллылар.

Экскурсия кэнниттэн оҕолорго «Куорат баһылыга эбитим буоллар, тугу гыныам этэй» диэн тиэмэҕэ тэттик өйтөн суруйууга сорудах бэрилиннэ.

Кылаас салайааччыта Елена Гуляева оскуолаҕа «Орлята России» бырагыраама олоххо киирэрин, ол чэрчитинэн үөрэххэ, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга, айар дьоҕуру сайыннарыыга уонна да атын араас туһалаах тэрээһиннэр ыытыллалларын сэһэргээтэ. Бу көрсүһүү «Лидер» трек иитинэн, төрөппүт кэмитиэтин көмөтүнэн тэриллибит.

1 / 4

Экскурсия кыттыылаахтара куорат дьаһалтатын үлэтин туһунан элбэҕи билэн-көрөн, астынан тарҕастылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп