11.10.2026 | 09:00 | Просмотров:
107
Оҕолор кырдьаҕастарга мүөт бэлэхтээбиттэр
Оҕолор кырдьаҕастарга ас наборун, Саха сирин мүөтүн уонна оҥорбут открыткаларынан хаһыат оҥорон ыыппыттар.
Ааптар:
Киин Куорат
Хаартыска:
Национальнай гимназия
Бөлөххө киир
А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия 4-с "б" кылааһын үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ (кыл.салайааччыта О.В.Петрова) аҕам саастаах дьон декадатын чэрчитинэн, Капитоновкатааҕы кырдьаҕастар дьиэлэригэр көмөлөспүттэр.
Балаҕан ыйыгар кылаас оҕолоро төрөппүттэрин кытта саха мүөтүн төрүттээччи А.И.Гаевой пасекатыгар экскурсияҕа сылдьыбыттар. Пасека хаһаайына оҕолор кырдьаҕастарга үтүө санааттан мүөт ылан бэлэхтиир баҕа санааларын өйөөн, чэпчэтиилээх сыананан мүөт биэрбит. Кылаас урбаанньыт төрөппүттэрэ А.И.Гаевой пасекатын амтаннаах, битэмииннээх мүөтүн ылары уйуммуттар. Оҕолор үтүө санаа аахсыйатын тэрийэн үөрбүттэр.

Сонуннар
16.11.2026 | 13:00
«Чуураа» Польшаҕа «Кыһыл көмүс баҕаны» ылла
16.11.2026 | 12:46
Куорат биир саамай кыһалҕалаах түөлбэтэ ханныгый? 17-с кыбартаал буолбатах.
16.11.2026 | 11:30
"КИИН КУОРАТ" САҤА РУБРИКАТА!
16.11.2026 | 10:44
Дьаһалта планеркатыттан
16.11.2026 | 09:34
«Курнатовскай» сылаас тохтобулун алдьаттылар
16.11.2026 | 09:33
Маннык буолуохтаах этэ буоллаҕа!
16.11.2026 | 09:18
Урбаанньыт ийэлэр күрэхтэригэр 10 бастыҥ иһигэр киирбит
16.11.2026 | 09:06
"Онегин" бириэмийэҕэ "Лоокуут уонна Ньургуһун" кыттар. Куоластаан көмөлөһүөххэ сөп
16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
15.11.2026 | 18:00
Саха оҕото Арассыыйа бастыҥ айааччыта буолла
15.11.2026 | 14:01
Алампа аатынан норуот бириэмийэтин кимнээх ыллылар?
15.11.2026 | 13:52
Икки сылаас тохтобул арылынна
15.11.2026 | 09:00
Оскуоланы бүтэрээччи, болҕой, аах уонна сырыт!
15.11.2026 | 07:30
Сулусчут өрөбүллээҕи сүбэтэ
14.11.2026 | 17:28
“Семь дней счастья” киинэ икки бирииһи ылла
14.11.2026 | 16:46
Биир күн төрөөбүттэр уонна...
14.11.2026 | 16:41
Дмитрий Садовников субуотатааҕы бэрэбиэркэтэ
14.11.2026 | 16:24
“Иһим ыалдьыбыта” уонна “хойутаан эрэр этим”
14.11.2026 | 16:16
Оҕону аанынан кыбыппыт оптуобус суоппара эппиэтинэскэ тардылынна
14.11.2026 | 16:04
Коркин турнирыгар кимиэхэ ыалдьабыт?
Ордук ааҕаллар
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.