«Оҕолоох ыалтан оннооҕор Уот иччитэ үөрэр»
Ол курдук, биһиги дойдуга, холобур, оҕолордоох төрөппүттэри уонна аҕа көлүөнэ дьону өйүүр сыаллаах «Дьиэ кэргэн» диэн национальнай бырайыак үлэлиир. Бу хайысхаҕа ааспыт сыл устата туох, ханнык үлэ барбытын ырытыһар дойду вице-премьерэ Татьяна Голикова бэрэссэдээтэллээх мунньах буолбут.
Онно 2025 сыл түмүгүн кэпсэппиттэр. Аҕыйах сыыппараҕа тохтоон ааһыаҕыҥ.
*Дойду үрдүнэн сыл устата 1,9 мөл. ыал «Ийэ хапытаалын» үбүн туһаммыт. Ити — иннинээҕи сыллааҕар 300 тыһ. элбэх эбит.
* Дьиэ кэргэн ипотекатынан 545 тыһ. ыал туһанан, дьиэлэнэр кыахтаммыт.
* Дойду 258 үрдүк үөрэҕин кыһатыгар «Ийэ уонна оҕо хоһо» оҥоһуллубут.
Ити түгэн устудьуон төрөппүттэр үөрэҕи уонна оҕону иитиини дьүөрэлиир усулуобуйаларын тэрийии соруга турбутун көрдөрөр.
* Элбэх оҕолоох ийэлэр социальнай контрагы түһэрсэр түгэннэригэр, кинилэри биир бастакынан өйүүр буолуохтара. О.э. «приоритет» бэриллэр. Былырыын дойду үрдүнэн 52,4 тыһ. ыал социальнай контрагы туһаммыт. Бу эмиэ иннинээҕи сылга тэҥнээтэххэ 32%- нан элбэх эбит .
* Эрэгийиэн аайы «Көхтөөх уһун олохтонуу» бырагыраама үлэлиир. Былырыын онно 15 мөл. аҕа көлүөнэ дьон хапсыбыт.
* Дойду 56 эрэгийиэнигэр 93 перинатальнай киини уонна оҕолонор дьиэни тэрилинэн, материальнай базанан хааччыйбыттар.
*Арассыыйа үрдүнэн 236 «Дьахтар консультацията» эбии арыллыбыт.
*Оҕо төрөөһүнэ дойду орто көрдөрүүтүттэн намыһах көрдөрүүлээх 41 эрэгийиэҥҥэ демографическай балаһыанньаны тупсарар бырагыраамаларга анаан дойду хааһынатыттан эбии үбүлээһин көрүллэр эбит. Ону тустаах эрэгийиэннэр оҕо төрөөһүнүн элбэтэргэ биһиэхэ бу ордук көмөлөөх диэбит көрүҥнэрин, бэлиэр баар, бигэргэммит миэрэлэртэн талан ылан, дьонноругар туһаннарар кыахтаахтар. Ол бигэргэммит миэрэлэргэ бу сылтан өссө биир көрүҥ өйөбүл эбиллэн биэрдэ — устудьуон ыал оҕолонноҕуна, 200 тыһ. солк. кырата суох биир кэмнээх суума ананыан сөп. Итинтэн элбиэн сөп. Хатылыыбыт: элбэх көрүҥ өйөбүлтэн эрэгийиэн төһөнү эрэ талан ылар.
*Оҕолонуон баҕалаах эрээри кыайан оҕоломмот ыал баар буолар. Кинилэр босхо, ол аата Булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын (ОМС) нөҥүө ЭКО оҥотторор кыахтаммыттара кэрэхсэбиллээх.
Ол курдук, дойду үрдүнэн былырыын 79,6 тыһ. «цикл» былааннаммыт буоллаҕына, 88 687 толору «цикл» хабыллыбыт.
*Былырыын, сыл устата, Пушкин каартатынан 22 мөл. билиэт атыыламмыт. Онно көстөрүнэн, бу каартанан ыччат ордук кыайа-хото киинэҕэ сылдьарын биһириир эбит: билиэт 37% — киинэ, 18% — тыйаатыр, 17 % — Култуура дьиэлэрин тэрээһиннэрэ.