23.10.2026 | 16:00 | Просмотров: 138

Оҕолоох дьоҥҥо үтүө сонун

Больничнай күнэ уһуур буолбут
Оҕолоох дьоҥҥо үтүө сонун
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оҕо ыалдьарын саҕа куһаҕан суох. Аны, ол ыалдьан баран, ааһан быстыбата баар. Оттон ыалдьыбыт оҕолоох төрөппүккэ көрүллэр больничнай лиис сабыллар кэмэ түргэнник кэлээччи.

Арассыыйаҕа ыалдьыбыт оҕону көрөргө бэриллэр больничнай лиис муҥутуур уһун болдьоҕун 30 күнүнэн уһатарга быһаарбыттар. Билигин баар быраабыланан, туга ыалдьарыттан уонна оҕо сааһыттан тутулуктанан, биир сыл устата 45 күнтэн саҕалаан, 120 күн төлөнөр өрөбүлү ылыахха сөп.

 

Соторутааҕыта буолбут  мунньахха дойду премьерэ Михаил Мишустин ити муҥутуур да уһун болдьох оҕо олоччу үтүөрэригэр тиийбэтин бэлиэтээбит. Төрөппүт хайыа баарай, ситэ эмтэммэтэх оҕотун хаалларан, үлэтигэр тахсарга күһэллэр. Итинник түгэҥҥэ төрөппүтү ойүүр туһуттан сылга 30 күн төлөнөр больничнай күнү эбэргэ суоттаналлар. Бырабыыталыстыба ити туһунан этиллэр саҥа сокуон барылын өйөөбүт.

Онон, ыалдьыбыт оҕо сааһыттан көрөн, биир сыл устата бачча кэм төлөнөр больничнай өрөбүлүн ылыахха сөп буолар:

* 7 сааһыгар диэри саастаах оҕо ыарыйдаҕына урут уопсайа холбоон, 60 күн больничнайы туһаныахха сөп буоллаҕына, сокуон олоххо киирдэҕинэ, 90 календарнай күн туһанар кыах үөскүүр. (Ыалдьыы бары көрүҥнэригэр)

     * 7 сааһыттан     15 сааһыгар диэри оҕоҕо – билигин сылга  45 күнү ылыахха сөп буоллаҕына,  75 календарнай күн көҥүллэнэр буолуоҕа. (Ити гынан баран, ыарыы хас биирдии көрүҥэр көрүллэр 15 күннээх хааччах оннунан хаалар).

  * Инбэлиит оҕолорго уонна атын категорияларга көрүллэр лимиит эмиэ 30 күнүнэн уһаан биэриэ. 

 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.