Оҥоһуу Өйү туһаныы үтүө, мөкү өрүттэрэ уо.д.а.
(Суруйуу 1-кы чааһа)
Билигин туох барыта ааптардаах, ааптар бырааба көмүскэллээх буолан, баҕарбыт хаартыскаҕын куйаар ситимиттэн хаба тардан, суруйар матырыйаалгар туһаммаккын. "Роскомнадзор" ону кыраҕытык кэтиир-маныыр. Ыстарааба олоро түһүөххэр диэри суума буолуон сөп. Онон, баҕар-баҕарыма, бэйэбит да уруһуйдарбытын, хартыыналарбытын үксүгэр Оҥоһуу Өйгө сакаастаһар буоллубут.
Оҥоһуу Өй олох-дьаһах бары эйгэтигэр өтөн киирдэ. Судаарыстыбаннай уорганнар кытта күүскэ уонна көхтөөхтүк туттар буолан эрэллэрэ көстөр.
Судаарыстыба уонна Оҥоһуу Өй. Үлэ хаамыытын тэтимирдиэ
Ол курдук, соторутааҕыта аҕай судаарыстыбаннай сулууспалаахтар үлэлэрин автоматизированнай оҥорор Оҥоһуу Өй агена диэн баар буолбутун билиһиннэрдилэр. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ Инновацияҕа уонна сибээскэ министиэристибэ тус ханаалыгар суруйда.

Ол иннинэ Инновация миниистирэ Петр Николаев Ил Дархан иһинэн баар Оҥоһуу өй Сэбиэтин мунньаҕар Электроннай докумуоннар кэлим тиһиктэрин (ЕСЭД) ИИ-агенын билиһиннэрбит этэ. Бу агены Өрөспүүбүлүкэтээҕи информация технологияларыгар киин (РЦИТ) бэлэмнээн таһаарбыт.
Саҥа цифровой көмөлөһөөччү үтүмэн үгүс дьайыыны автоматизациялыыр, докумуоннары кытта үлэлэһэр, ылыллыахтаах быһаарыы бырайыактарын бэлэмниир уонна бэриллибит сорудах туолуутун хонтуруоллуур ой-бото “үлэлээх-хамнастаах” буолар эбит.
Петр Николаев Судаарыстыбаны сайыннарыыга Оҥоһуу Өйу туһаныы — туох хайа иннинэ исписэлиистэр толорор, өтөрүнэн бүтэн быстыбат, ииччэх-бааччах, үтүмэн үгүс сорудахтары толороллоруттан босхолоон, бэйэтигэр ылан, үлэһиттэр ордук суолталаах боппуруостары быһаарар кэмнэрин элбэтэрин бэлиэтиир.
Ол курдук ити этиллэр ИИ-агент докумуону кытта үлэни биллэ тэтимирдэр, сорудах туолуутун хонтуруоллуур, наадалаах иһитиннэриини кэбэҕэстик уонна түргэнник буларга көмөлөһөр аналлаах.
Онуоха бу агент үлэлиир эйгэтэ лаппа көмүскэллээх, докумуоннары чопчу итиннэ эппиэттээх үлэһит нөҥүө эрэ бэрэлиир гыммыттар. Ол аата, докумуоннарга чопчу туһанааччы нөҥүө, кини быраабыгар тирэҕирэн киирэр.
Күн бүгүн ИИ-агены өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай былааһын алта эрэ уоргана боруобалаан көрүү быһыытынан туһанар. Агены туһаныы исписэлиис үлэҕэ ыытар күүһүн-күдэҕин 25 бырыһыан аҕыйатарыгар суоттаналлар эбит. Мантан салгыы Саха сирин судаарыстыбаннай былааһын толоруулаах уорганнара сыыйа - баайа бары туһанар буолан барыахтара диэн буолар.
Үөһэ этиллибит Сэбиэт мунньаҕар 2032 сылга диэри кэмҥэ Оҥоһуу Өйү сайыннарыы эрэгийиэннээҕи тосхолун дьүүллэспиттэр. Ил Дархан Айсен Николаев былааннанар үлэ туолуохтаах болдьоҕун чопчулуурга, эппиэттээх толорооччулары быһаарарга уонна хас биирдии тэрээһин түмүгүн көрдөрөн иһэргэ соруйбут.
2032 сылга тиийэн, Саха сиригэр оҥоһуллар судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр 50-тан кырата суох бырыһыаннара ИИ технологиятын туһанар буолуохтаах диэн түмүккэ кэлбиттэр. Ону ситиһэр туһугар цифровой инфраструктураны сайыннарар, онно сөптөөх каадыры бэлэмнээн таһаарар уонна ыытыллар чинчийиилэри, холонон көрүүлэри өйүүр миэрэлэри көрүөх, толкуйдуох буолбуттар.
(Салгыыта -- 2-с чааска)