13.10.2026 | 15:40 | Просмотров: 110

Оҥоһуу Өйү таарыйбычча...

Оҥоһуу Өй үтүө, мөкү өрүттэрэ туох буолуон сөп эбитий?
Оҥоһуу Өйү таарыйбычча...
Ааптар: Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

Оҥоһуу Өйү туһаныы туһунан кэпсэппиччэ, аан дойдуга ити чааһыгар туох кэпсээн, мөккүөр баарын ундаардаан көрбөппүт олуона буолуоҕа. Тоҕо диэтэххэ, Оҥоһуу Өй таһыччы сайдан, туттуллуута лаппа кэҥээн бардаҕына иэгэйэр икки атахтаахха, иннинэн сирэйдээххэ, ол эбэтэр киһиэхэ, киһи аймах олоҕор-дьаһаҕар улахан кутталы үөскэтиэн сөп диэн дьаарханар санаа сири-буору аннынан иһиллэр балачча иһиллимэхтиир.

Оҥоһуу Өй туһата-көдьүүһэ эбэтэр мөкүтэ-охсуута хайдах санаалаах, туох интэриэстээх дьон айан-таҥан таһааралларыттан тутулуктааҕа – баар чахчы.

Оҥоһуу Өй кутталын туһунан ырытыһыы чуолаан бу сайын күүһүрэ сылдьыбыта. Онно бөдөҥ технологическай хампаанньалар кибератаакалар буолуохтарын уонна технологиялары хонтуруолга тутар уустугуруон сөбүн туһунан сэрэтэр сурахтара төрүөт буолбут бадахтаах.     

Атырдьах ыйыгар 100-тэн тахса хампаанньа, ол иһигэр киэҥник биллэр, туһаныллар бородууксуйалаах OpenAI, Anthropic, Google уонна Microsoft биисинэстээх дьону уонна судаарыстыбалары киберкөмүскэли күүһүрдүҥ диэн ыҥырбыттара.  Силигин ситэрэн, ИИ туһанан оҥоһуллар кибер-атаакалар өссө уустугуран иһиэхтэрин сөбүн ыйбыттара. Холобур, балыыһалары, хомунаалынай инфраструктураны сэрэппиттэрэ.

Балаҕан ыйыгар тиийэн, Anthropic салайааччыта Дарио Амодеи инники күөҥҥэ сылдьар, бастыҥ (передовой) моделлары айан таһаарары тохтото түһэргэ этии киллэрбитэ.

Ити эйгэттэн тэйиччи да киһи сэрэхэдийиэн курдук, кэлэр 6–12 ыйдарга ИИ-агеннар... хоромньуну таһаарыахтарын сөбүн эппит этэ.

Кини ити сабаҕалаан көрүүтүн OpenAI тойоно Сэм Альтман уонна Илон Маск өйөөбүттэрин туһунан иһитиннэрии тилийэ сүүрбүтэ.

Таах даҕаны, өрүү инникини көрөн дьаһанар толкуйдаах Илон Маск Оҥоһуу Өй кутталын туһунан букатын даҕаны уонтан тахса сыл анараа өттүгэр – биһиги Оҥоһуу Өй туһунан улахан өйдөбүлэ да суох кэммитигэр –   инньэ 2014 сыллааҕыта сэрэппиттээх эбит. Онтун суруйбут сигэтин балаҕан ыйын 13 күнүгэр таһаарбытын суруйбуттара.

Онно Маск... Оҥоһуу Өйү ядернай сэрии сэбиттэн быдан кутталлаах диэбит.

Оттон Эмиэрикэ бэрэсидьиэнэ Дональд Трамп төттөрүтүн Оҥоһуу Өй сайдыытын өссө тэтимирдэн биэрэргэ ыҥырар. Бу эйгэҕэ Кытайы хайаан да ситэ баттаан, ааһа барар  наадатын ыйар.

Тоҕо диэтэххэ, Трамп санаатынан, Оҥоһуу Өй технологиятыгар ким кыайар да, ол бары эйгэҕэ кыайыылаах буолар.

Бары да истэн билэр, ыйга ыттар ыралаах, олус баай, миллиардер киһи Илон Макс холобур Оҥоһуук Өй “илиитин-атаҕын олус баайа” сатаан, кини иэстэһиитигэр түбэһиэххэ сөбүн эмиэ этэр. Ураты өйдөөх Оҥоһуу Өйү айан-тутан таһаарыыны оҕону иитэн-такайан таһаарыыга дьүөрэлиир.

Икки атахтаахха кутталы суоһаппатын курдук Оҥоһуу Өйү кытта олус кытаанахтык кэпсэппэккэ сүбэлиир. Холобур, чопчута суох харда эрэ бэриллэр эппиэттээх ыйытыгын биэрэн баран, хос-хос дьаныһан, булгуччу эппиэттииригэр модьуйуу сыыһа үһү. Санатан эттэххэ, Илон Маск – xAi диэн,  Grok нейростими оҥорор  хампаанньа тойоно.

Аны, бу эйгэҕэ лаппа сыһыаннаах,  Microsoft   хампаанньаны төрүттэспит Билл Гейтс Оҥоһуу Өй аан дойду үрдүнэн улахан быһыылааны (катастрофаны) аҕалар, миллиардынан киһи суох буоларыгар тиэрдэр гына сүдү күүстээҕин бэлиэтиир. Онон ити технологиялары судаарыстыба хайаан илиитигэр, хонтуруолугар ылан, сүрүннүөх, бэрээдэктиэх тустааҕын этэр. Эһиил кибер-атаака биллэ элбиэҕин сабаҕалыыр. Кини этэринэн, куһаҕан, омсо санаалаахтар бу Оҥоһуу Өй эйгэтигэр киирэр саҥа, сонун айыылары туһанан, үп-харчы тиһигин алдьатар, хампаанньалартан, биисинэстээхтэртэн үптэрин апчарыйар кыахтаныахтарын сөбүн сэрэтэр. Өскөтүн бу сыл устата кибер-атаакаттан көмүскэнэр ньыма, толкуй торумнаммат түгэнигэр соччото суох сюрпризтар баар буолуохтарын сөбүн үллэстэр.

Кини киһи  оруна суоҕу  эппэтэх буолуохтаах. Ити курдук, икки атахтаах өркөн өйдөөхтөрө, уһулуччу толкуйдаахтара айан-тутан таһаарбыт муҥутуур өйдөрө – ИИ тиһэҕэр тиийэн, киһини бэйэтин хонтуруоллуур буола кыаҕырыан сөбө толкуйдаппат буолар туһа суох.

Ол эрээри итинник балаһыанньаҕа, куттанан-сэрэхэдийэн кутуругу купчутан баран олорбокко, сатаа-сатаама саппай уопсан, атын дойдулартан хаалбат гына, букунаһар буоллахпыт. Арыыланан хаалыы сатамньыта суох курдук буолуо. Оттон ол түмүгэ хайдах буоларын олох бэйэтэ эрэ көрдөрөр кыахтаах.

Оҥоһуу Өй диэн баара, үчүгэйгэ туһанар буоллахха, бэрт бөҕө буоллаҕа. Этиллэрин курдук, ол-бу “атах-бытах”, ииччэх-бааччах үлэлэри ИИ бэйэтин санныгар сүктэҕинэ, сүрүнүн, сүөгэйин КИҺИ бэйэтэ быһаарарыгар бириэмэ, кыах көстөр ини? Сүрүнэ, туох хайа иннинэ кибер-атаакалартан көмүскэллээх буоларын ситиһиэххэ наада.

(салгыыта 3-с чааһыгар)

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.