Оҥоһуу Өй эйгэтигэр үлэлээччилэр болҕомтолоругар
Кыайыылааҕы Анал хамыыһыйа эспиэрдэрэ быһаараллар.
Билиҥҥи бириис уопсай пуондата – 6 мөл. солк. Биир бырайыакка – 3 мөл. солк., иккис миэстэлээххэ – 2 мөл. солк., үһүс миэстэлээххэ 1 мөл. солк. үбүлээһин оҥоһуллуо.
Куонкуруска Саха сиригэр официальнай регистрациялаах, Оҥоһуу өй эйгэтигэр үлэлээх хампаанньалар кыттар кыахтаахтар.
Сүрүн ирдэбил куонкуруска киирсэр бырайыак өрөспүүбүлүкэ социальнай суолталаах кыһалҕатын быһаарарга эбэтэр олохтоох экэниэмикэ тыын суолталаах хайысхатын сайыннарарга көмөлөһөр буолуохтаах.
Маннык куонкурус Оҥоһуу Өй хайысхатыгар үлэлэһэр олохтоох дьон торумнаан таһаарбыт толкуйдарын дьиҥ олоххо киллэрэллэригэр, онно үлэлэһэллэригэр көмө, тирэх буолар аналлаах.
Сайаапканы бу дьыл ыам ыйын 20 күнүгэр диэри туталлар. Онуоха туһааннаах тэрилтэ официальнай саайтыгар Lab14.ru киирэн, сиһилии билсиэххитин наада. Онлайн-сайаапка толоруллар бэлэм халыыба онно баар.
Кыайыылаах хампаанньа грант ыларын туһунан дуогабарга илии баттаспыт күнүттэн 12 ый иһигэр ол үлэтин олоххо киллэриэхтээх.
Лаборатория аадырыһа: Ленин пр., 1 нүөмэрдээх дьиэтэ, 8-с этээс.
Оҥоһуу Өй лабораторията маннык, грант аныыр куонкурустары тиһиги быспакка ыытар. Онон туһааннаах лаборатория саайтыгар киирэн, Талар хамыыһыйа туһунан балаһыанньаны, граны биэрии бэрээдэгин билсиэххитин сөп. Ону тэҥэ онно бу иннинэ ыытыллыбыт куонкурустар тустарынан иһитиннэрии эмиэ баар.
Санатан эттэххэ, 2023 сыл сэтинньи 10 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна “Сбербаан” ПАО, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Оҥоһуу Өй лабораториятын тэрийэр туһунан үс өрүттээх Меморандум түһэрсибиттэрэ. Дьэ, онно олоҕуран бу лаборатория тэриллибитэ.
Сыала-соруга – Экэниэмикэ салааларыгар Оҥоһуу Өй туһанылларын ситиһии, биисинэс үлэтин оптимизациялыырга туһаныы, эрэгийиэҥҥэ таһымнаах каадырдары сэҥээрдии, бу хайысхаҕа үлэ күүһүрэрин ситиһии уонна Оҥоһуу Өй эйгэтигэр чинчийии үлэни сайыннарыы.