Оҕоҕут оскуола аһын аһыыр дуо?
Дьокуускайдааҕы үөрэх тэрилтэлэрин хааччыйар ресурснай киин оскуола аһа хайдах быһыылаахтык тэриллэрин, туохха олоҕуран астанарын быһаарда.
“Биһиги төрөппүтэртэн үгүс ыйытыылары тутабыт. Оскуола аһа тоҕо маннык судургунуй диир дьоҥҥо туох, хайдах оҥоһулларын, бу экономия буолбакка, нуорма ирдэбилигэр эппиэттэһии буоларын быһаарабыт”, - диэн суруйар ресурснай киин телеграм-ханаала.
Арассыыйаҕа оскуола оҕотун аһылыга СанПиН нуормаларыгар олоҕуран тэриллэр. Бу нуормалар аһылык куттала суох уонна туһалаах буоларын ирдииллэр.
Биир үөрэнээччи аһылыгар күҥҥэ 138 солк. көрүллэр. Бу суума иһигэр толору эбиэт киириэхтээх: итии аһылык, гарнир, салаат, утах.
Нуорманан туох ирдэнэрий:
- Туус уонна саахар дозалара ыйыллар. Оҕо организмыгар суоттанар, эбии тууһааһын диэн суох;
- Араас тума туттар бобуллар. Уксуус, хартыыһа, кетчуп, хрен, майонез көҥүллэммэт;
- Ыһаары – фритюрга уонна элбэх арыыга көҥүллэммэт. Ууга буһарыы, тумнаран буһарыы, духуопкаҕа, паарга астааһын ирдэнэр;
- Бурдук аһа уонна сахардаах ас хааччахтанар;
- Туус остуолга эбии ууруллубат.
Оскуола аһа тоҕо амтана суох курдугуй?
Ким хайдах ылынарыттан. Оҕо дьиэтигэр элбэх туустаах, араас соустаах аһы сии үөрүйэхтээх буоллаҕына оскуолаҕа астанар ас амтанын астыныа суоҕун сөп. Ол эрэн нуорма быһыытынан оскуола аһа сөптөөх аһынан ааҕыллар.
Ол иһин оскуола аһа амтана мөлтөх дии саныыр сыыһа. Маныаха дьиэ кэргэн уонна оскуола соруктара биир – оҕону кыра эрдэҕиттэн сөпкө аһыырга үөрэтии.
Оскуола остолобуойугар хайдах астыылларый
Оскуола асчыттара туһалаах уонна иҥэмтиэлээх аһы пароконвектомат диэн тэрилгэ астыыллар — эт сүмэһинин сүтэрбэккэ буһан тахсар. Араас тума оннугар күөх үүнээйи, лавр сэбирдэҕэ, моркуоп, луук, чеснок туттуллар. Маны тэҥэ оҕо остуолугар ас сылаастыы тиэрдиллиэхтээх.
***
Эһиги оҕоҕут оскуола аһын төһө сөбүлүүрүй?