29.10.2026 | 14:30 | Просмотров: 140

Оҕоҕо нэһилиэстибэни хайдах оҥорторобут?

Урут биир дьиэ кэргэн оҕолоро баай-дуол туһуттан айдаарсан, атырдьах маһыныы арахсалларын омук эрэ киинэлэригэр көрөрбүт. Билигин кэриэс тылы (завещание) суруйуунан кими да соһуппаккын.
Оҕоҕо нэһилиэстибэни хайдах оҥорторобут?
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Арай оннук докумуон суох түгэнигэр, хайдах дьаһаныахтаахпытый? “Госуслуги для родителей” матырыйаалларынан “Киин куорат” бэлэмнээбит сүбэлэрин тускутугар туһаныҥ.  

 

Кэриэс тылга суруллубатах да буоллаҕына

Өскөтүн төрөппүт кэриэс тылыгар баайын-дуолун барытын атын киһиэхэ анаабыт да буоллаҕына, оҕо син биир туга да суох хаалбат – нэһилиэстибэ сорох чааһын ылар бырааптаах. Бу булгуччулаах өлүү (обязательная доля) диэн ааттанар.

Оннук бырааптаах оҕолор:

▪ сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор (18-тарыгар диэри);

▪ сокуоннай саастарын сиппит, ол эрээри үлэлиир кыахтара суох оҕолор, холобур, инбэлииттэр.

Бу быраап иитиэх оҕолорго эмиэ тарҕанар. Онуоха нэһилиэстибэни биэрээччи өлбүт күнүгэр оҕо хас саастааҕа уонна үлэлиир кыах суоҕа учуоттанар.

Кээмэйэ

Нэһилиэстибэни сокуонунан ылар өлүүтүн аҥаарыттан итэҕэһэ суох.

Холобур: эр киһи 14 уонна 8 саастаах икки оҕолоох, бастакы уочарат атын нэһилиэнньиктэрэ суох. Кэриэс тылыгар баайын-дуолун барытын кыра уолугар аныырын суруйбут. Оннук докумуона суох оҕолор биирдии бэйэлэрэ нэһилиэстибэ 1/2 ылыах этилэр. Оттон биһиги холобурбутунан улахан уол булгуччулаах өлүүтэ – 1/4 итэҕэһэ суох. Тоҕо диэтэххэ кини туһааннаах докумуоҥҥа ыйыллыбатах уонна аҕатын баҕата – баайын барытын кыра уолугар биэрии этэ.

Өскөтүн кэриэс тыл суруллубатах буоллаҕына

Оҕолор өлүөхсүт кэргэнин уонна төрөппүттэрин кытта бастакы уочарат нэһилиэнньиктэринэн (наследники первой очереди диэн) буолаллар. Уопсай быраабыланан маннык нэһилиэнньиктэр баайы-дуолу үллэриигэ тэҥ өлүүлэргэ тиксэллэр.

Онуоха оҕо хас саастааҕа суолтата суох. Холобур, 10 саастаах оҕо уонна кини 30 саастаах убайа нэһилиэстибэҕэ тэҥ бырааптаахтар.

Булгуччулаах өлүү бырааба, сурукка тиһиллибит кэриэс тыл эбэтэр нэһилиэстибэ дуогабара баар түгэнигэр, ордук суолталаах, өскөтүн оҕо сокуонунан ылыахтаах нэһилиэстибэ чааһын ылбат буоллаҕына.

Оҕоҕо нэһилиэстибэни хайдах оҥорторобут?

Нэһилиэстибэни биэрээччи олохтон туоруур күнүгэр кини бас билиитигэр баар баай-дуол барыта нэһилиэстибэнэн ааҕыллар. Ол күнтэн 6 ый иһигэр нотариуска тиийиллиэхтээх.

▪ 14 сааһыгар диэри оҕо аатыттан сайабылыанньаны төрөппүт эбэтэр атын сокуоннай бэрэстэбиитэл биэрэр.

▪ 14 сааһыттан 18 сааһыгар диэри оҕо сайабылыанньаны сокуоннай бэрэстэбиитэл сөбүлэҥинэн бэйэтэ биэрэр.

Эн санааҕар, кэриэс тылы суруйар наада дуо?

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.