20.11.2025 | 18:30 | Просмотров: 179

Оҕоҕо кетчуптаах, майонезтаах ас сөбө суох

Киин куорат уһуйааннарын үлэһиттэригэр аналлаах «Сөптөөх аһылык – доруобуйа төрдө» семинар буола турар. Спикердэр бэлиэтииллэринэн, оҕону оскуолаҕа киириэн иннинэ сөпкө аһыырга үөрэттэххэ, ол үөрүйэҕин кини үйэтин тухары илдьэ сылдьар.
Оҕоҕо кетчуптаах, майонезтаах ас сөбө суох
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: https://t.me/schoolfoodykt
Бөлөххө киир

Ол курдук, оскуола иннинээҕи саастаах оҕо рационугар куурусса буута суох буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ бу ас антибиотиктаах. Маны сэргэ оҕоҕо кетчуп, майонез, гаастаах утах сөбө суохтар. Минньигэһи, бурдук аһы эмиэ аҕыйатар ордук. Ол оннугар кыра оҕо күннээҕи аһылыгар сыата суох эт, балык, сымыыт, эриэхэ курдук белогунан баай ас баар буолуохтаах. Рациоҥҥа от күөҕэ өҥнөөх оҕуруот аһын, рис, гречка, перловка куруппалары киллэрэргэ кыһаныллыахтаах. Минньигэс фрукталары эбиэт иннинэ биэрэр ордук. Оттон үүт ас күнүс 16.00 чааска диэри үчүгэйдик иҥэр. Бэлиэтээн эттэххэ, Дьокуускайдааҕы «ЦРО» МАУ Дьокуускай куорат 39 уонна 40 №№-дээх оскуолаларын итии аһылыгынан хааччыйар. Соторутааҕыта Н.И. Шарин аатынан 39 №-дээх оскуола остолобуойа Бүтүн Арассыыйатаҕы күрэх лауреата буолбута. Остолобуой күрэххэ оҕуруот аһыттан фриттату, кууруссалаах уонна оҕуруот астаах паста, ристэн отон соустаах биточка, кыһыл балыктан уонна чыыртан фишбол курдук бүлүүдэлэринэн кыттыбыта. https://t.me/schoolfoodykt

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.