24.10.2026 | 09:00 | Просмотров: 115

Оҕо кыраныысса таһынааҕы пааспарын оҥорторорго бэйэтэ тиийэрэ ирдэнэр дуо?

Төрөппүттэргэ тэттик сүбэ. Тускар туһан.
Оҕо кыраныысса таһынааҕы пааспарын оҥорторорго бэйэтэ тиийэрэ ирдэнэр дуо?
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Госуслуги портал скринэ
Бөлөххө киир

Кыраныысса таһынааҕы пааспары ханнык баҕарар саастаах оҕоҕо, ол иһигэр саҥа төрөөбүт оҕоҕо эмиэ, оҥорторуохха сөп. Кэлин дьүһүнэ, сирэйэ-хараҕа улаханнык уларыйар түгэнигэр, ИДьМ эрдэттэн саҥа пааспары оҥорторорго сүбэлиир. Бу туһунан «Госуслуги для родителей» иһитиннэрэр.

Бу пааспары оҥорторорго сайабылыанньаны ким биэрэр?

Сокуоннай бэрэстэбиитэл – төрөппүт, оҕону иитэ ылбыт киһи, эпэкиин эбэтэр попечитель. Докумуоннары эмиэ кини ИДьМ-ҥа туттарар.

Докумуону туттарарга оҕо булгуччу тиийиэхтээх дуо?

Урукку көрүҥнээх пааспарга:

▪ 14 сааһыгар диэри – суох;

▪ 14 сааһыттан – тиийэр.

Саҥа көрүҥнээх пааспарга:

Ханнык баҕарар сааһыгар тиийэрэ булгуччулаах:

▪ 12 сааһыгар диэри – хаартыскаҕа түһэргэ;

▪ 12-тэн 14-гэр диэри – хаартыскаҕа түһэргэ уонна тарбах суолун ыларга;

▪ 14 сааһыттан –  үөһэ этиллибиккэ эбии сайабылыанньаҕа илии баттыахтаах.

Бэлэм пааспары ким ылыан сөбүй?

Сайабылыанньаны биэрбит сокуоннай бэрэстэбиитэл эбэтэр, оҥорторор кэмҥэ эрдэттэн ыйыллыбыт буоллаҕына, атын сокуоннай бэрэстэбиитэл.

Онуоха «Оҕо кыраныысса таһынааҕы пааспарын ким ылыай» диэн түһүмэххэ «Атын сокуоннай бэрэстэбиитэл» диэни талан баран, толору аатын-суолун (араспаанньата, аата, аҕатын аата), төрөөбүт күнүн-дьылын уонна сирин, эр киһи-дьахтар (пол) буоларын хайаан да ыйаҕыт.

Пааспары ыларга оҕо бэйэтэ баар буолара наада дуо?

Урукку көрүҥнээх пааспарга:

▪ 14 сааһыгар диэри – суох;

▪ 14 сааһыттан – наада.

Саҥа көрүҥнээх пааспарга:

▪ 12 сааһыгар диэри – суох;

▪ 12 сааһыттан – наада.

Бэлэм пааспары ыларга оҕо сааһа учуоттанарын өйдөөҥ.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.