02.06.2026 | 14:30 | Просмотров: 125

Оҕо күүтэр устудьуоннар дэкириэт босуобуйатын ылыахтарын сөп

Босуобуйа кээмэйэ эрэгийиэннээҕи тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн ааҕыллар уонна уоппуска бүтүөр диэри биирдэ төлөнөр.
Оҕо күүтэр устудьуоннар дэкириэт босуобуйатын ылыахтарын сөп
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Бу туһунан РИА Сонуннара, Госдуума үлэҕэ, социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бастакы бэрэссэдээтэлэ Николай Коломейцевка сигэнэн иһитиннэрэр. Кини этэринэн, урукку өттүгэр төлөбүр истипиэндьийэҕэ тэҥнэһэр эбит буоллаҕына, 2025 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр диэри үрдээбит. Үрдэтиллибит босуобуйаны үрдүк, орто анал үөрэх уонна училище устудьуоннара үөрэх төлөбүрүн көрүҥүттэн тутулуга суох (бүддьүөт эбэтэр төлөбүрдээх) ылар бырааптаахтар. Төлөбүрү «Госуслуги» портал, МФЦ эбэтэр Социальнай пуонда нөҥүө оҥотторуохха сөп. Онно гинекологтан уонна деканаттан ыспыраапка ирдэнэр.

Коломейцев маны таһынан Арассыыйа Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтин дааннайынан, аҥаардас үрдүк үөрэх кыһаларыгар күнүскү салааҕа 16 тыһыынчаттан тахса оҕолоох устудьуон үөрэнэр диэн бэлиэтээтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.