05.10.2026 | 08:00 | Просмотров: 56

Оҕо доруобуйатын бөҕөргөтөбүт

Күһүн буолла да, дьаҥмыт элбиир. Грипп, ОРВИ сезона номнуо саҕаланна. Обьясняем.рф портал оҕо доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ сүрүн сүбэлэри таһаарбыт.
Оҕо доруобуйатын бөҕөргөтөбүт
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: обьясняем.рф
Бөлөххө киир

Аһылыкка болҕомто уурабыт

Күннээҕи аһылыккытыгар күһүҥҥү үүнүүттэн оҕуруот астарын киллэриҥ – тыква, кабачок, дьаабылыка, груша, шпинат, арбуз. Эт, балык, сымыыт уонна үрүҥ ас хайаан да баар буолуохтаах. Бу ыйыллыбыт астартан организм наадалаах битэмииннэрин уонна микроэлеменнэрин ылар.

Маны тэҥэ экзотическай фрукталартан сэрэниэхтээхпит. Ыраахтан кэлэр буоланнар, буорту буолбатын диэн араас химикаттарынан харыстыыллар, ол аллергияны көбүтүөн сөп.

Элбэхтик дьаарбайыҥ

Сибиэһэй салгын оҕо иммунитетыгар үчүгэйдик дьайар, күҥҥэ сылдьыы организмы Д битэмиининэн байытар. Оҕону наһаа халыҥнык таҥыннарымаҥ – тиритэр оҕо дэбигэстик ыалдьар.

Эрэсиими тутуһуҥ

Оҕо чэгиэн сылдьарыгар эрэсиими тутуһуу сүрүн оруоллаах. Ситэ утуйбат, уутун хаммат оҕо вирустарга бэринимтиэ буолар. Оҕоҕо эрдэ сытыы, түүн утуйуу улахан суолталааҕын быһааран биэриҥ – араас вирустартан, микробтартан харыстаныы биир көрүҥэ буоларын өйдөтүҥ.

Сууна-тараана сылдьыҥ

Уулуссаттан киирээт илиини суунуу – олоххо саамай туһалаах үөрүйэх, үгүс инфекцияттан харыстыыр саамай эрэллээх ньыма. Маны тэҥэ сөрүүн ууга душатаныы оҕо доруобуйатыгар эмиэ туһалаах.

Салгыны сиигирдиҥ

Ордук куорат кыбартыыраларыгар ититии холбонно да, салгыммыт куурар. Ол иһин оҕо мунна, айаҕа хатар – манныкка вирустар судургутук хатаасталлар. Салгын 40 % сииктээх буоларыгар кыһаллыҥ, салгыны сиигирдэр тэриллэри туттуҥ эбэтэр батареяларга инчэҕэй таҥаһы ыйааҥ.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.