01.06.2026 | 08:00 | Просмотров: 139

Оҕо бэрээдэгин хайдах сыаналыахтарай?

Үөрэнээччи бэрээдэгин сыаналааһыны соҕотох учуутал буолбакка, педагогтар кэлэктииптэрэ оҥоруоҕа.
Оҕо бэрээдэгин хайдах сыаналыахтарай?
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Бу туһунан Оҕо саас, дьиэ кэргэн уонна үөрэтии институтун сүрүн исписэлииһэ, үөрэх министиэристибэтин эспиэрэ Марина Конева иһитиннэрдэ.

Сыанабылы оҥорорго дириэктэр иитэр үлэҕэ сүбэһиттэрэ, логопед, дефектолог учууталлар, социальнай педагогтар, педагог-психологтар уонна предмет учууталлара кыттыахтара, диэн Конева РИА Сонуннарын кытта кэпсэтиигэ быһаарда. Сыаналааһын үс таһымнаах шкаланан барыаҕа: холобур буолар, көҥүллэнэр уонна көҥүллэммэт быһыы.

Эксперимент Арассыыйа 89 оскуолатын 1–8 кылаастарыгар номнуо ыытылла турар. Педагогтар үгүстэрэ үчүгэй өттүгэр уларыйыылары бэлиэтииллэр. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин үтүө хаачыстыбаларыгар болҕомтолорун уурар буолбуттар.

Кэлэр үөрэх дьылыгар хас биирдии эрэгийиэн уон оскуолатыгар үөрэх сыанатын киллэрэр былааннаахтар. Онтон өссө биир сыл буолан баран бу моделлары дойду бары уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр киллэриэхтэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.