Ньургун Бэчигэн: «Олоҕум Тыгын оруолугар бэлэмнээбит»
Бу күннэргэ “Тыгын Дархан” киинэни сойбот сонун оҥоһуннубут – ыал аайы ырытыһыы, киэһэ аайы кэпсэтии. Сүрүн оруолу толорбут Ньургун Бэчигэни суруналыыстар алаадьы курдук эргитэ сылдьан сырдаттылар. Оттон “Киин куоракка” бүгүҥҥү ыалдьыппытын эр киһи быһыытынан билиһиннэрэргэ сананныбыт.
Лоп бааччы саҥалаах, устар ууну сомоҕолуур сэргэх сэһэргэһээччибит саргылаах санааларын сааһылыырга сорунан, олоҕун кэрдиис кэмнэрин кэрчиктэргэ арааран кэккэлэттибит.
Ньургун Бэчигэн Таатта Баайаҕатыттан силистээх-мутуктаах. Татьяна Николаевна, Дмитрий Гаврильевич Неустроевтарга улахан уолунан күн сирин көрбүтэ.
Ийэлэрэ уолаттарыгар киэһэ аайы “Манчаары ырыатын” ыллаан эйээрэрэ. Онон кинилэр дьиэлэригэр күн аайы туус маҥан аттаах Манчаары көтүтэн киирэрэ, “Уол оҕо, охтума, аккыттан сууллума!” диэн тыллар ыраахха диэри дуораһыйаллара.
–Ийэм, бэйэтэ Мэҥэттэн төрүттээх буолан, биһиэхэ биһигин ырыата ити этэ. Оччолорго кыра бырааттарбар ыллыырын өйдөөн хаалбыппын. Ол кэмтэн ыла харахпар балаҕан уонна боотур сырыылара, ат үрдүгэр олорор эр киһи көстөр буолбута.
Ийэ тыл илгэтин иҥэрбит уһуйааччыларым
–Бэһис кылаастан саха тылын, литературатын учуутала Егорова Маргарита Романовна кылааспыт салайааччыта буолбута. Хас биирдии уруогар саха суруйааччыларын айымньыларынан киэҥ ырытыыны таһаарара. Ким туох көрүүлээҕэ, толкуйа онно биллэрэ. Учууталбыт бу ньыматынан санаабытын аһаҕастык сайа этэргэ үөрэппитэ.
Оскуола кэнниттэн Култуура уонна искусство коллеһыгар киирбитим. Телевидение уонна араадьыйа үлэтин тэрийээччи салаатыгар үөрэммитим. Кураторбыт Федорова Сардана Николаевна уһуйбута, такайбыта үгүс.
Үөрэхпин бүтэрэрим саҕана төрүт култуураҕа уһуйааччы Охонооһой Сэмэнэбис Федоров “миэхэ кэлэн үөрэн” диэн ыҥырбыта. Күөн туттар ытык киһим сахалыы тыыны иҥэрбитэ. Ис тыыммын, турукпун таба көрбүтэ буолуо дии саныыбын.
Онтон Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитим, “этнокультурнай кииннэр салайааччылара” диэн идэни ылбытым.
Ааппын халлаантан ылбатаҕым
–Ааппын уларытар туһунан испэр тута сылдьыбытым ыраатта. Бастаан Ньургун эрэ диэн уларытар санаалаах этим. Онтон “Тыгын Дархаҥҥа” уһуллан баран, бэйэбит туһунан историялаах, үгэстэрдээх, сиэрдээх-туомнаах омукпут диэн санаа саҕыллан, сахалыы ааттанар туһунан баҕам күүһүрбүтэ.
Ньургун диэн ааты халлаантан ылбатаҕым. Сахалыы ааттар үөдүйүөхтэриттэн ийэм төрөөбүт-күммүнэн ыйбынан Ньургун диэн ааттыыр буолбута. Дьиэбит эрэ иһигэр, киэҥ эйгэҕэ таһаарбакка.
Устудьуоннуу сылдьан төрүт култуура салаатыгар сахалыы ааттаһарбыт. Биир доҕорум ыам ыйын 15 күнүгэр төрөөбүт, оттон мин – 16-с чыыһылаҕа. Онон сахалыы ааппыт – Ньургун. Сүбэлэһэн баран, мин Ньургун, оттон кини Ньургустаан буолбуппут.
Биир сыл сайыҥҥы сынньалаҥмар дойдубар тахсыбыт кэммэр телеграмма кэлбитэ. “Приглашаетесь на роль Ньургун Боотура” диэн ис хоһоонноох этэ. Онтон ыла ыһыахтарга кыттан барбытым. Туймаада ыһыаҕар Ньургун Боотур буоларым.
Бэчигэн Миитэрэй диэн хос эһэбит дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр таптал аата этэ. Баайаҕаҕа биһигини Хабыычалар диэн ааттыыллар. Ону өссө дириҥэтэн, хос эһэм аатын араспаанньа оҥоһуннум. Хос эһэбит Бэчигэн Миитэрэй ыырдарынан сылдьан бултуубут. Ааппын уларытыахпыттан өбүгэм сирдиир курдук буолла. Урут хара көлөһүммүтүн тоҕон, туохха да тиксибэт, тутан олорон куоттарар түгэннэрдээх буоларбыт. Быйыл остуоруйа дойдутун курдук бултуйдубут, Байанайбытыттан бэриһиннэрдибит.
Сахаларга абааһы суолун муннарыы диэн өйдөбүл баар. Киинэҕэ улахан дьону оонньуур сэттээх-сэмэлээх диэн этэллэр. Билигин урукку да, билиҥҥи да ааппынан ааттыыллар, онон бутуур тахсар. Айар бөлөххө бары Ньургун дииллэр, оттон биир дойдулаахтарым, доҕотторум үөрэнэ иликтэр.
Булт абылаҥа
–Оччолорго, арааһа, сэттис кылааска үөрэнэбин. Аҕам саатын биэрбэт, көҥүллээбэт этэ. Саатын сейфэҕэ ууран туруорара. Уолаттар бэйэбит бултуу бараары, ол сейфэни олуйааһыннаах эҥин буолбута (күлэр). Аҕабыт көтөрү-сүүрэри, кыылы-сүөлү кытта эйэлээх, сытыары сымнаҕас майгылаах киһи. Ол эрээри уолаттарын эр киһи сиэринэн иитээри, бэйэтинэн холобур буолаары, батыһыннара сылдьара. Абаҕабыт Гаврил Гаврильевич – булт диэн баран муннукка ытаабыт киһи, урут оскуолаҕа “Байанай” диэн куруһуоктаах этэ. Онон сааскы, күһүҥҥү куска бары тутуспутунан сылдьарбыт.
Бастакы булдум туһунан кэпсээтэххэ, аҕабын кытта хаама сылдьан түбэспиппит. Наһаа кыраһыабай кус диэн өйдөөн хаалбыппын.
Оҕо сылдьан аһыныгас буолан эбитэ дуу, булт абылаҥын соччо өйдөөбөт эбиппин. Киһи кэмэ кэлэр, силигэ ситэр эбит. Билигин да өлөрө-өһөрө диэн буолбакка, айылҕаны кытта алтыһаары, бары сиэри-туому тутуһан сылдьабын.
Толкуйданар, ырыҥалаан көрөр, санаабын сааһылыыр, соҕотохсуйар кэмнэрдээхпин. Оннук кэмҥэ миэхэ өбүгэлэрим сирдэрэ-дойдулара күүс биэрэр.
Туйахтаахха эмиэ сылдьабын
–Биирдэ үрэҕи туоруур муостаҕа саабын туора ууран баран олорбутум. Үүтээммититтэн чугас кэрийэ сылдьыбытым быһыылаах. Арай тугу эрэ толкуйдуу олордохпуна, чуп-чугас икки көҕөн кэлэн түстэ. Уолуйан хааллым. Хайдах эрэ аһынным, ыппатым. Онтон тиийэн дьоммор кэпсээбиппэр: “Байанайгын куоттарбыккын”, – диэтилэр. Итинник түгэҥҥэ, киһи өһөс санаата киирэн эбитэ дуу, кыһыйан дуу, бултуох-алтыах баҕата уһуктар эбит. Билигин куска-хааска эрэ буолбакка, туйахтаахха эмиэ сылдьабын.
Аймах-уруу дьоҥҥо биһиги көлүөнэбит үксэ уол. Оҕо эрдэхпититтэн, этэргэ дылы, моҕотойдооһунтан саҕалаан, билиҥҥэ диэри бары суксуруһа сылдьабыт.
Араадьыйаҕа үлэлиир сылларбар бастаан 2005 сыллаахха “Булт абылаҥа” диэн биэрии таһаарбытым. Онтон “Байанай” сурунаал тэрийээччитэ Юрий Петрович Борисовтыын билсэн, кэпсэтэн бииргэ үлэлиэххэ, көмөлүөххэ дэспиппит. Онон “Байанай” диэн авторскай биэрии күн сирин көрбүтэ. Сүрдээх элбэх киһи ыалдьыттаабыта. Булт эрэ диэн буолбакка, эр киһини, уол оҕону иитии-такайыы уустук боппуруостарыгар эмиэ ылсыбыппыт.
Куйах кэтэрбин түһээбитим
–Тыгын Дархан оруолугар толкуйдаан баран сөбүлэспитим. Киһи ылла да, тута сөбүлэспэт оруола. Хас да күн сыта-тура испэр илдьириппитим. Биир түүн түһээбитим. Арай балаҕаҥҥа баарбын, көмүлүөк оһох холумтанын иннигэр олоробун. Чаҕардар куйахпын кэтэрдэллэр. Саастаах киһи сэппин-сэбиргэлбин арыынан сотор, алгыһын аныыр. Кэнним диэки ойоҕолуу мааны бэйэлээх үс саха далбар хотуна олорор. Киэргэллээхтэр, симэхтээхтэр. Тугу эрэ отур-ботур сибигинэһэллэр. Ону иһиллии сатыыбын. Ол олорон “маарынныыр” уонна “майгынныыр эбит” диэн тыллары иилэ хабан ыллым. Бу түүлүм сөбүлэһэрбэр тирэх буолбута.
“Тыгын буол”
–Артыыс идэтэ суохпун. Куурус, маастар-кылаас көрдүү сатаабытым, ону Никита Иннокентьевич боппута. Бэйэҥ тыыҥҥын илдьэ сырыт, дьон киэнин ылыныма. Тыгын буол. Оччоҕуна тахсыа”, – диэбитэ.
Хас биирдии сыанаҕа бэйэм олохпор ханыылыы көрөн, сөп түбэһиннэрэн, санааҕа ылларбыт, туоххаһыйбыт кэмнэрбин, ардыгар хомойбут да түгэннэрбин хостоон таһааран барытын бэйэм нөҥүө иккистээн аһарыммытым.
Романы хаста да сыныйан аахпытым. Тыгын мындыр, оҕуруктаах өйдөөх, сэриинэн эрэ ииригирбит киһи буолбатах этэ. Эйэнэн кыайбатаҕын күүс өттүнэн өтөйөргө күһэллибитэ. Этэ сатаабытын, ылымматахтарын хайдах гыныай. Кэмэ, үйэтэ оннук этэ. Уус-уран айымньы буолан, киэргэтии да баар буолуон сөп. Баһылай Харысхал Даланы архыыбы үөрэппититтэн, чинчийбититтэн, билэриттэн саллар этим диэн сөҕөн-махтайан кэпсээбитин сэргии истибитим.
Норуот киинэтэ
–Киинэбит киэҥ эйгэҕэ таҕыста. Сүрүннээн дьон сэҥээриитин ылла, көрөөччү ылынна. Никита Иннокентьевич 9 чаастаах матырыйаалы устан бэлэмнээтэ. Барыта икки аҥаар чааска баппат. Режиссербут бу үлүгэр сүдү улахан бырайыагы хайдах курдук төбөтүгэр буһара сылдьыбытын айбыт таҥара бэйэтэ эрэ көрөн турдаҕа. Олус элбэх киһи кытынна, кырдьык даҕаны, норуот киинэтэ. Режиссербут дьоммутун-сэргэбитин көрдөрүөхпүтүн наада диэн баҕа санаалаах. Кэлин, үп көрүлүннэҕинэ, сериал буолан тахсыахтаах.
История кэрэһилииринэн, нууччалар кэлэллэригэр Тыгын лаппа сааһырбыт киһи диэн суруллар. Режиссербут Тыгын Дархан күөгэйэр күнүн көрдөрөр соруктааҕа. Худуоһунньукпут Петр Бояркин: “Тугуй, троҥҥа олоруом дии санаабытыҥ дуо?” – диэн күлбүтэ. Уунан-хаарынан, бадараанынан, тымныыны тымныы диэбэккэ, хайалаах сирдэргэ кытта тиийэ сылдьыбыппыт. Хайдахтаах курдук кэрэ сиргэ олоробутуй диэн көрөөччү да кэрэхсээбит буолуохтаах.
Куйахпыт, таҥаспыт-саппыт – көстүбэт фронт үлэһиттэрин үтүө өҥөлөрө, Дария Петровна Дмитриева, Петр Бояркин, Дмитрий Мухин ситиһиилэрэ. Илии-атах, көмөлөһөөччү элбэх этэ. “Мосфильм” үлэһиттэрэ пластмасса буоларын сэрэйбэтэхтэр, тоҕо тимир тыаһаабатый дии санаабыттар. Оннооҕор идэлээх дьон быһаарбатахтар. Пластмасса да, муос да буолбутун иһин, өр кэтэ сырыт диэтэххэ, сылаалаах соҕус, киһи илистэр этэ. Дьон бачча үп көрүллүбүтэ, чахчы, барыахтаах сиригэр барбыт диэн итэҕэйбиттэрэ.
История мөккүөрдээх. Ону хасыһымыахха. Уус-уран айымньынан уһуллубут киинэ буоларын өйдүөххэ.
Дьылҕа Хаан кыайбаты биэрбэт
–Саха эр киһитэ отутугар өйүн тутар дииллэр. Уол оҕо ханна тиийбэтэҕэ-түгэммэтэҕэ баарай? Биир күн ат уорҕатыгар, биир күн ат өрөҕөтүгэр диэн кырдьык. Мин отут сааспар түспэтийиэм диэн бырагыраама курдук оҥостубутум. Ону толорон, ол кэмтэн олоҕу атыннык көрөр буолбутум. Киһи бэйэтэ кэмэ кэллэҕинэ ситэр. Хас биирдии киһи тус-туспа өйдөөх-санаалаах, иитиилээх. Ол иһин ким хайдах ылынарынан, өйдүүрүнэн буолуо.
Кэннибин хайыһан көрдөхпүнэ, олоҕум Тыгын оруолугар бэлэмнээбит курдук. Түһүү-тахсыы, кэлии-барыы, таҥнарыы, кэлэйии – барыта баарга дылы. Дьылҕа Хаан киһиэхэ кыайбатын мээнэ биэрбэт. Киһи санаатынан олорор. “Киһи – санаа кулута” диэн этии баар. Өллүм-хааллым, бүттүм-остум диэтэххэ, олоҕуҥ суола, чахчы, оннук салаллар. Ол иһин инникигэ эрэллээх, сырдык ыралаах буолуохтааххын. Үөһэттэн ыыппыт тургутуулары хайаан да туоруохтаахпын диэхтээххин. Кыах баарынан, үүтүн-хайаҕаһын көрдөөн, булан.
Араадьыйаҕа “Былыргыны сэгэтэн”
–Аҕам саастаах дьон уруккуну-хойуккуну ахталларын-саныылларын, кэпсэтэллэрин, анааралларын мэлдьи сэргии истэбин. Билиэхпин-көрүөхпүн олус баҕарабын. Сороҕор барытын ырытыһыахха, дьүүллэһиэххэ диэтэххэ, бириэмэ да суох курдук. Уруккуну хасыһан истэҕиҥ аайы билбэтиҥ, ыйытарыҥ улам элбээн иһэр. Кэҥээн, хас да салааҕа арахсан, хайдыһан хаалар. Киһи сааһын ситтэҕинэ кэмэ кэлиэхтээх быһыылаах. Ол иһин өссө да билиэм-көрүөм иннибэр дии саныыбын. Ыйыталаһыам, чинчийиэм. Арай аҕам саастаах дьоммут суох буолан хаалыахтара диэн ытырыктатабын. Баар кэмнэригэр түгэни мүччү туппакка, баттаһыахха наада. Урут-уруккуттан боотурдары интэриэһиргиибин. Үһүйээннэри, номохтору, күүстээх дьон туһунан кэпсиир “Былыргыны сэгэтэн” диэн араадьыйаҕа рубрикалаах этим. Санаам сытар, чугас буолан ылсыбытым.
Быһах охсор баҕа санаам туолла
–Оҕо сылдьан спордунан, үҥкүүнэн дьарыктаммытым. Ийэм: “Уруһуйдуур дьоҕургун сайыннарбатыҥ, куоласкын туһамматыҥ, ыллаабатыҥ”, – диир. Оҕолор туойунан ону-маны оҥороллоругар ымсыырар этим. Абаҕам Гаврил Гаврильевич, кини уола Юрий, бииргэ төрөөбүт быраатым уһаналлар.
Быһах охсон көрбүт киһи диэн санаабын өр иитиэхтии сылдьыбытым. Былырыын киинэҕэ уһуллан бүтэн, арыый иллэҥсийэн, дьэ, ылсарга туруммутум. Монтаж кэмэ буолан, куоракка кэлэ-бара сылдьыбытым. Бииргэ төрөөбүт быраатым Николай уонна тастыҥ убайым Юрий сүбэ-ама буолбуттара. Бастакы быһахпын Мандар кыһатыгар үһүөн көмөлөөн охсубуппут. Иккиспин – бэйэм.
Бүтэрэ охсон, тургутан көрөөрү омун-төлөн бөҕө буолбутум. Быһахпын Мандар Ууска көрдөрө тиийбиппэр, убайым: “Баайаҕалар, уопсайынан, хайдах эрэ дьоммут ээ. Ылсыбыппыт барыта хайдах табыллан иһэрий?” – диэбитэ. Быһахпын бу күһүн туйахтаахха сылдьан тургуттум.
Өй, сүрэх мөккүөрэ
–Киһи баарын тухары, олоҕун устата хайата сөпкө этэрин билбэт. Өй, сүрэх икки мөккүөрэ өрүү баар буолуоҕа. Мин сүрүннээн сүрэҕим этэрин истиэхпин баҕарабын эрээри, өй кыттыһара эмиэ үгүс. Хайата баһыйарый диэ... Сүрэҕим тугу этэрин истэргэ, сөбүлээбиппинэн, санаам сытарынан олорорго дьулуһабын. Өй кэми кытта дьүөрэлэһиэн сөп. Ханнык кэмҥэ олороргунан, ханнык көлүөнэ киһитэ буоларгынан тутулуктаах дии саныыбын.
Киин куоракка өйдүүн-санаалыын сынньанар сирим – мыраан.Төрөөбүт дойдум килбэйэр киинин үөһэттэн көрөн олорон толкуйдуурбун, ырааҕы-киэҥи анаарарбын туохтааҕар да ордоробун. Ол иһин үксүн соҕотоҕун тахса сатыыбын. Куллатыга уонна Бүлүүлүүр суол диэки сөбүлээн сылдьабын.
Күүспүт – өбүгэлэрбитигэр
–Киһи бу Орто дойдуга суолун-ииһин, аатын-суолун хааллараары кэлэр. Биир тылынан эттэххэ, ытык иэһин төлөөрү.
Сирбитин-дойдубутун, айылҕабытын харыстыахпытын наада. Аҕам саастаах ытык дьоммутун хоннохпут анныгар укта сылдьан, кэпсэтэн-испэтэн, дойдубут историятын үөрэттэрбит ханнык диэн санаалаахпын. Биһиги Баайаҕабыт урут Байаҕантай улууһун киинэ эбит, Өймөкөөҥҥө диэри тайаан сыппыт. Биир бэйэм ураты тыыннаах дойдуттан төрүттээхпинэн киэн туттабын.
Өбүгэлэрбит сирдэрин сөргүтүөххэ, кэлэр көлүөнэҕэ хаалларар туһугар кыһаллыахха. Цивилизация төһөнөн сайдар да, төрдүгэр төннөр диэн баар. Биһиги арыычча эрдэ, туохпут да улаханнык сүтэ-симэлийэ илигинэ, өйбүтүн-санаабытын онно туһаайыахтаахпыт. Манан мин хос эһэм хаама сылдьыбыта дии саныыр буоллаххына, ол сиргэ чиҥник турар буоллаххына, тирэҕиҥ өссө күүһүрэр. Ол иһин күүспүт өбүгэлэрбитигэр сытар дии саныыбын.
Биһиги ыһыллыы-тоҕуллуу, уларыта тутуу кэмигэр улааппыппыт. “Айыы үөрэҕэ” умна быһыытыйбыппытын иккистээн сөргүппүтэ. Билиҥҥи оҕо, ыччат көҥүл. “Пепси”, “сүппүт көлүөнэ” дииллэригэр сөбүлэһиэхпин баҕарбаппын. Хас биирдии кэм бэйэтин дьонун, дьоруойдарын таһаарар. Онон кэлэр көлүөнэҕэ эрэлим улахан.
Кинигэттэн тэйдибит, сматрфоҥҥа, гаджекка көһөн хааллыбыт. Ыччат хантан хааннаахпытын, кимтэн кииннээхпитин саатар быһа холоон биллиннэр, интэриэһиргээтиннэр, онно биһиги киинэбит төһүү күүс буолуо диэн айар бөлөх баҕа санаатын тиэрдэбин.
Ньургуну кытта балтараа чаастаах кэпсэтиибит хайдах да биир балаһаҕа баппат, онон хаһыакка, этэргэ дылы, быһа охсор быһаҕаһын, хайа охсор аҥаарын хаалларан, саамай сүрүнүн таһаардыбыт.
Ньургун Бэчигэн тус архыыбыттан, “Тыгын Дархан” бырайыак хаартыскаларын сэргии көрүҥ.