03.11.2026 | 17:00 | Просмотров: 126

Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр сыһыаран буолар тэрээһиннэр

Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр сыһыаран, өрөспүүбүлүкэ киинигэр эҥин-эгэлгэ тэрээһин былааннаммыта.
Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр сыһыаран буолар  тэрээһиннэр
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Бикипиэдьийэттэн
Бөлөххө киир

Сорохторо бэлиэр ыытыллан бүттүлэр.

Сарсын, сэтинньи 4 күнүгэр, маннык тэрээһиннэргэ сылдьыахха сөп:

11:00-14:00 — 4-с нүөмэрдээх ДЮСШ-ҕа Дьокуускай аҕа баһылыгын Кубогар футзал буолар.

12:00-13:00 — Дьокуускайдааҕы Доҕордоһуу болуоссатыгар Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр анаммыт митинг-кэнсиэр ыытыллыа.

14:00 — Курашов аатынан уулуссаҕа түстэммит Уопсастыбаннай киин аактабай саалатыгар «Сомоҕолоһуу тэтиминэн» («В ритме единства») диэн  Дьокуускай куорат уокуруктарын үҥкүү самодеятельнай кэлэктииптэрин икки ардыгар куорат таһымнаах куонкурус.

16:00-17:30 — А.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Саха сирин ис кута, Арассыыйа ис кута (дууһата)» диэн бырааһынньыктааҕы кэнсиэр тэнийиэ.

16:00 — Табаҕа бөһүөлэгин «Кедр» култуура дьиэтигэр «Бары бииргэбит» диэн Аһымал санаа кэнсиэрэ буолар. Кэнсиэртэн киирбит үп анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөҕө барыаҕа.

Сэтинньи 6 күнүгэр

14:00 — Пригороднай бөһүөлэгин «Надежда»  кулуубугар бырааһынньыктааҕы кэнсиэр.

Сэтинньи 7 күнүгэр

11.00-14.00 —  Национальнай-култуурунай түмсүүлэр ортолоругар, Дьокуускай куорат физическай култуураҕа уонна спорка управлениета уонна 1-кы нүөмэрдээх ДЮСШ Эрдэҕэс оҕолорун киинэ кыттыылаах, «Биир кэлим тэтиминэн» диэн спорт-саататар эстафета былааннаммыт.

15:00 — Маҕан бөһүөлэгин «Ритм» кулуубугар  «Күүс-кыах уонна дьылҕа – биир сомоҕолоһууга» диэн бырааһынньыктааҕы кэнсиэр.

Сэтинньи 8 күнүгэр

15:00 — Марха бөһүөлэгин «Пульс» култуура-чэбдигирдэр кииҥҥэ «Биир халлаан анныгар» бырааһынньыктааҕы кэнсиэр күүтэр.

Манна даҕатан эттэххэ, Норуоттар сомоҕолоһууларын күнэ ханнык бэлиэ түгэҥҥэ сыһыаран олохтоммутун сорохтор билбэттэр. Бу күн, историческай архыып кэрэһилииринэн, инньэ 1612 сыллаахха Кузьма Минин уонна Дмитрий Пожарскай салалталаах норуот түмсүүтэ Москубаны поляк-литва интервеннэриттэн босхолообут. Ону тэҥэ Казаннааҕы Таҥара Ийэтин (Божия Мать) иконатын ахтан-санаан ааһыыга эмиэ сыһыаннаах.

Улуу Өктөөп бырааһынньыгын – сэтинньи сэттистиир күүрээннээх күнүн оннугар сэтинньи 4 күнүгэр Норуоттар сомоҕолоһууларын күнэ олохтоммута бэлиэр 21 сыл буолбут. Ол эбэтэр, судаарыстыбаннай Дуума 2004 сыл ахсынньы 16 күнүгэр итинник этиини ылынан турар. Ыйаахха илии баттаммыт күнэ – 2004 сыл ахсынньы 31-э этэ.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.