Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ!
Бу күннэргэ куорат күөллэригэр саба үүнэн турар куруҥах оту уонна хомуһу охсор киэҥ далааһыннаах аахсыйа ыытылла турар. Манна ким баҕалаах кыттар. Ону сэргэ меценаттар тиэхиньикэнэн, уматыгынан, о.д.а. көмөлөһүөхтэрин сөп.

Бэҕэһээ Автодорожнай уокурук управата «СК Тутум» хампаанньа үлэһиттэрэ туттар тэриллэрин өрөмүөннээн, улахан күүс-көмө буолбуттарын үөрэ-көтө үллэстибитэ. Кырдьыга даҕаны, итиччэ киэҥ сири күнү-күннээн охсорго хайа да тимир бэйэлээх тулуйбата, уйбата чуолкай.

Үтүө дьыала итинэн эрэ бүппэт. Бэҕэһээ Строительнай уокурук управата субуотунньук кыттыылаахтарын минньигэс уонна тотоойу эбиэтинэн күндүлээбит «Чочур Муран» эрэстэрээҥҥэ махталын тиэрдибитэ.


Билигин үлэ үксэ илиинэн уонна мотохотуурунан оҥоһуллар. От охсор тэрил күн аайы 20 лиитирэ уматыгы сиэн сөп, оттон маннык ороскуот уокуруктар бүддьүөттэригэр көрүллүбэт. Манна даҕатан эттэххэ, Олохтоох дьаһалта меценаттары тиэхиньикэнэн эбэтэр уматыгынан көмөлөһөллөрүгэр ыҥыраллар.
Субуотунньуктар буолар сирдэрэ: Сайсары, Белай күөллэргэ, Чочур Мыраан таһыгар, ДСК, Птицефабрика уонна Сэргэлээх күөллэригэр, ону сэргэ Столичнай ырыынак уонна Кыайыы пааркатын икки ардыларынааҕы күөл.