21.10.2026 | 13:30 | Просмотров: 56

Нолуок сулууспатыгар Аһаҕас аан күнэ ыытыллыаҕа

Арассыыйа Федеральнай нолуок сулууспатын Саха сиринээҕи управлениета алтынньы 22 күнүгэр сарсыарда 9:00 чаастан киэһэ 20:00 чааска диэри Аһаҕас аан күнүн биллэрэр.
Нолуок сулууспатыгар Аһаҕас аан күнэ ыытыллыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: 2ГИС
Бөлөххө киир

Тэрээһин чэрчитинэн нолуок сулууспатын үлэһиттэрэ нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдуохтара, сүбэ-ама биэриэхтэрэ.

Бу күн баҕалаах дьон нолуок чопчу туохха ааҕыллыбытын быһаартарыахтарын, Арассыыйа ФНС интэриниэт-сервистэрин туһанарга консультация ылыахтарын,  «Личный кабинет налогоплательщика для физических лиц» сервискэ холбонуохтарын сөп.

Буолар сирэ: Арассыыйа ФНС Саха сиринээҕи управлениета, Дьокуускай куорат, 202-с түөлбэ, 23-с куорпус.

Санатар буоллахха, Арассыыйа Федеральнай нолуок сулууспатын Саха сиринээҕи управлениета баай-дуол нолуогун 2026 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри төлүүргэ ыҥырар. Ол туһунан «Киин куорат» сиһилии суруйан турар:

https://kiinkuorat.ru/articles/2025-syllaa-y-baay-duol-uonna-dohuot-noluogun-t-l-st-duo 

 

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.