19.10.2026 | 14:50 | Просмотров: 70

Нолуок бэлиитикэтин сокуонугар уларыйыы киирэрэ күүтүллэр

Ол туһунан Ил Түмэн официальнай саайтыгар суруллар
Нолуок бэлиитикэтин сокуонугар уларыйыы киирэрэ күүтүллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньах Бүддьүөккэ, үпкэ, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар кэмитиэтэ  «Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Саха Өрөспүүбүлүкэтин нолуок бэлиитикэтин туһунан» Сокуонугар уларытыылары киллэрии туһунан» сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга көрбүт. Бастаан үп миниистирэ Петр Попов дакылаатын истибиттэр.

Ол кэнниттэн туһааннаах кэмитиэт киирбит бырайыагы, дьокутааттар хос быһаарыыларын уонна этиилэрин учуоттаан, хаттаан оҥороллорун курдук Экэниэмикэ министиэристибэтигэр төннөрөр быһаарыыны ылыммыт.

Сокуон бырайыагар эрэгийиэннээҕи инвестициялаахтар бырайыактарын (РИП) кыттыылаахтарыгар барыстан ылыллар нолуок эрэгийиэннээҕи ыстаапкатын билиҥҥи 13,5%-нын оннугар 16%-ҥа диэри үрдэтии суруллар. Ол эрээри федеральнай чэпчэтии оннунан хаалар. Холобур, хамсаабат хапытаал кадастровай сыаната 300 мөл. солкуобайтан тахса түгэнигэр нолуок ыстаапкатын  2% оннугар 2,5% гыныы киирэ сылдьар.  Нолуок сулууспатын 2025 сыллааҕы дааннайынан, юридическай сирэйдэргэ итинник эбийиэк 14 баар. Бүддьүөккэ эбии үп киириитэ, оччотугар, быһа холуйан 16 мөл. солк. буолар.

Сокуон бырайыагар ньиэп хостуур уонна магистральнай гаас ситимнэрин туһанар тэрилтэлэргэ нолуокка чэпчэтии 2031 сылга диэри уһатыллар.

Министиэристибэ сыанабылынан, ньиэп хостооһунугар чэпчэтии орто сыллааҕы кээмэйэ 329,8 мөл. солкуобай буолар, биэс сылга — 1,6 млрд. солкуобай кэриҥэ. Саха сирин бүддьүөтүгэр киирэрэ күүтүллэр эбии нолуок кээмэйэ быһа холуйан 5 млрд. солк. тэҥнэһиэ. Дакылаатчыт быһаарбытынан, чэпчэтиитэ суох өрөспүүбүлүкэҕэ хас да инвестициялаах бырайыак олоххо киириэ суоҕа, ол онтон кэлиэхтээх дохуот сүтэригэр тиийэр.  

Бырамыысыланнас министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрбитинэн, магистральнай гаас ситимнэригэр чэпчэтиини туһаннахха гааһы таһыы тарыыба 10%-тан үрдүө суоҕа уонна 2029 сылга диэри оннунан хаалыаҕа. Мунньах кэмигэр дьокутааттар РИП кыттыылаахтарын нолуогар сыһыаннаах этиилэрин өйөөтүлэр. Хас да боппуруос нолуок ыстаапкатын  үрдэтиигэ уонна ньиэп-гаас салаатыгар чэпчэтиини уһатыыга сыһыаннаах.

Дьокутаакка сокуон барылын быһаарыы сурукка  үрдэтии төрүөтэ, ол суоттабыла ситэтэ суоҕун уонна иннинээҕи сылларга көрүллүбүт чэпчэтии кээмэйин уонна ол көдьүүһүн туһунан сыаналааһыны эбии киллэрэллэригэр туруорустулар.  Ону тэҥэ гааска көрүллэр  чэпчэтии гаас тарыыбыгар дьайыытын кэмитиэккэ сиһилии үөрэтэн көрөргө быһаардылар. Патентнай нолуок тиһигэр көрүллэр кээпписийиэни уонна муниципалитеттарга НДФЛ чааһыгар ааҕыллар нуорума кэккэ чааһын биэрии боппуруоһун хаттаан көрөр санаалаахтарын биллэрдилэр.  Ити этиилэрин боротокуолга толору киллэрдилэр.

Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев сокуон барылын бүддьүөтү көрүөх иннинэ ылыныахха наадатын ыйбыта. Онон бу бүгүн туһааннаах сокуон барылын эбии көрбүт буолуохтаахтар. Тоҕо диэтэххэ,  Ил Түмэн алтынньы 21-22 күннэригэр буолуохтаах уочараттаах пленарнай мунньаҕар ити барылы көрүү киирэ сылдьар.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.