19.09.2024 | 10:00

Николай Васильев-Харыйалаах Уола: «Санаабын хоһооммунан сайа этэбин...»

Николай Васильев-Харыйалаах Уола: «Санаабын хоһооммунан сайа этэбин...»
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Тобуруокап көмүс күһүнэ» көҥүл хоһоон түһүлгэтэ үгүс айар эйгэлээх дьону түмэн ааста. Быйылгы тэрээһиҥҥэ уопсайа 15 улуустан 223 киһи кыттыыны ылла. Ол иһигэр – 74 кыттааччы, 29 ыалдьыт, 71 истээччи, 49 тэрийээччи. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 4 строкалаах хоһоону тута айыыга кыайыылаах аатын ылбыт Николай Васильев-Харыйалаах Уола. Айар куттаах эдэр киһилиин сэһэргэһиибитин сэргэҕэлээҥ.

– Николай, кэпсэтиибитин көҥүл хоһоон түһүлгэтигэр кыайыыгыттан саҕалыахха.

– Быйыл сэттис төгүлүн кыттаммын, «Тобуруокап көмүс күһүнэ» көҥүл хоһоон түһүлгэтигэр түөрт строкалаах хоһоону тута айыыга, дьэ, кыайдым! Миэхэ тута хоһуйуу өрүү уустуга. Ол да иһин бу иннинэ алта төгүл кыттан, кураанаҕы куустаҕым дии. Елена Слепцова-Куорсуннаах: «Биир сиргэ ыта турар киһи син биир табар!» – диэн сэминээргэ эппит тыллара чахчытын итэҕэйдим.

– Харыйалаах Уола диэн кимий? Ааҕааччыларга бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?

– Мин аатым Васильев Николай Васильевич диэн. 1985 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэр сэттэ оҕолоох Васильевтар дьиэ кэргэннэригэр «муруннарын бүөтэ» буолан күн сирин көрбүтүм. Күбэй хотун ийэм  Клавдия Васильевна, учуутал идэлээх буолан, мэлдьи үөрэҕирии эйгэтигэр үлэлээбитэ. Билигин, төһө даҕаны бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор сааһын ситтэр, син биир сөбүлүүр эйгэтиттэн тэйбэккэ, Н.К. Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап аатын сүгэр Кэнтик орто оскуолатын интэринээтигэр үлэлии сылдьар. Айбыт тойон аҕам Василий Григорьевич саллар сааһын тухары хара үлэҕэ эриллибит тырахтарыыс этэ. Олоҕун тиһэх күннэригэр диэри айан суолун оҥорор тэрилтэҕэ грейдериһинэн үлэлээбитэ. Ити курдук, хоһуун үлэһит дьоҥҥо, биэс эдьиий кэнниттэн соҕотох хаалан улааппыт уол оҕо буолан, олус маанытык иитиллибитим, атаахтык улааппытым.

– Айар ааккын хаһан, хайдах ылыммыккыный? Бэйэҥ талбытыҥ дуу, сүбэлиир-амалыыр дьонуҥ иҥэрбиттэрэ дуу?

– Харыйалаах... Бу кэрэ айылҕалаах Кэнтик нэһилиэгин усталыы сытар күөл. Мин төрөөбүт уонна улааппыт дьиэлэрим иккиэн биир тэлгэһэҕэ Харыйалаах Эбэ хабыллар хаба ортотун туһаайыытын үрдүнэн тураллар. Бэрт өрдөөҕүтэ, хоһоон суруйан маҥнай утаа ааҕааччы дьүүлүгэр тахсарым саҕана, хоһоонум анныгар В.Н.В. диэн аатым бастакы буукубаларынан илии баттыырым. Ол саҕана миигин үөрэтэ-такайа, сүбэлии-амалыы сылдьыбыт ытыктыыр киһим, бэйиэт Василий Пудович Харлампьев-Хара Лааҥкы: «Дьэ, Ньукулай, суруйар хоһоонноруҥ хоһоон курдук буолбуттар. Аат ылынар кэмиҥ кэлбит...» – диэбитэ. Уонна мин төрөөбүт Кэнтигим уутун иһэн, балыгын сиэн, сөтүөлээн улааппыт Харыйалаах күөлбүн ахтарбын билэрдии: «Чэ, Хара Лааҥкы хаххалаах Харыйалаах Уола буол», – диэн оонньуу-күлүү курдук этэн аһарбыта. Онтон ыла Харыйалаах Уолабын.

Василий Пудович, чахчы да, үгүһү үөрэтэрэ, сүбэлиирэ-амалыыра. Кэмигэр мөҕөрө, кэмигэр атаахтатара. Уонна суруйааччы үрдүк аатын сүгүөхтээҕим туһунан элбэҕи этэрэ. Тыыннааҕын баттаһа сиппэтэрбин даҕаны, ытыктыыр киһим сүбэ-соргу тылын ылынан, күн бүгүн Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буоларбынан тус бэйэм улаханнык үөрэбин. Убайым тэҥэ киһим Баһылай барахсан баара буоллар мөҕө-этэ, хайҕыы-таптыы, оройбуттан билигин даҕаны сыллыы сылдьыах этэ.

 

Куруук аһаҕаспын

– Поэзия эн олоххор суолтата?

– Омуна суох, хоһоонунан олоробун. Оҕо эрдэхпиттэн ордук сахалыы поэзияны ааҕабын. Биллэн турар, «Поэзия үрүҥ көмүс үйэтин» тумнубаппын. Миэхэ хоһоон диэн – турук. Тас көрүҥмүнэн, саҥа-иҥэ өттүнэн, сирэй-харах олоруутунан элбэҕи этимиэхпин сөп. Оттон суруйар хоһооммор куруук аһаҕаспын.

– Төрдүгэр-уускар суруйар дьон бааллар дуо?

– Эбэм кэпсээннэриттэн түҥ былыргы өбүгэлэрбэр ойуун, тойуксут дьон баарын истэрим. Ол эрээри суруйар эйгэлээх киһи баарын билбэппин. Арай Дьүөгэ Ааныстыырап «Таня» кэпсээнин прототиба буолбут эбэм (ийэм ийэтэ) оҕо сылдьан Дьүөгэ Ааныстыырап биэрэпис оҥороругар көмөлөһөрүн истэрим.

– Айар аартыкка хардыылаабытыҥ ыраатта дуо?

– Хоһоон суруйуутугар оскуола эрдэхтэн холонобун. Номнуо сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Тумус туттар кинигэбинэн «Халлааҥҥа тыгар күн» хомуурунньукпун ааттыыбын. Гаврил Андросовка эрэдээксийэлэппитим. Бу хомуурунньукпунан элбэхтэ ырытыллыбытым, салгыы Арассыыйа Суруйааччыларын  сойууһугар киирбитим диэтэхпинэ, бука, алҕаһаабатым буолуо.

 

Чахчы, үчүгэй тэрээһин!

– Быйылгы «Тобуруокап көмүс күһүнүн» туһунан тус санааҕын истиэххэ. Туох үтүө уонна мөкү өрүттэри өйдөөн көрдүҥ?

– Халлаан сөрүүнүн ааһан, тымныы соҕуһуттан эбитэ дуу, кыттааччы уруккутунааҕар арыый аҕыйах диэн көрдүм. Ол эрээри тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста. Онон сиэттэрэн, тэрийээччилэргэ махтаныаххайыҥ. Улуу бэйиэппит бүүһүн анныгар, дьон иннигэр бэйэ хоһоонун ааҕаары мустар түһүлгэбит буоллаҕа дии. Бу саха поэзиятын отчуотун курдук көрөбүн. Кини сайдан, саҥа ааттар тахсыылара дуу, эбэтэр биир сиргэ тэпсэҥниирэ дуу, бу түһүлгэттэн киһи өйдөбүл ылара үгүс. Чахчы, халлаан тымныытыттан хааччахтанан, дьон сылаас дьиэ иһигэр «куотан киирэрэ» баар суол.

Дьон иннигэр тахсан бэйэ хоһоонун ааҕар хаһан баҕарар долгутуулаах буолара биллэр. Онон, күндү кыттааччылар уонна истээччилэр, инникитин бэйэ-бэйэни ытыктаһан, хас биирдии кыттааччы толоруутун толору олорон истиэххэйиҥ диэн ыҥырабын.

Суруйар киһиэхэ саамай күндүтэ – бэйэтэ таһаартарар кинигэтэ. Быйыл «Дани-Алмас» кинигэ кыһата ыыппыт күрэҕин кыайыылаахтара кинигэ таһаартаралларыгар чэпчэтиинэн наҕараадаламмыттара – сонун көстүү. Бу олус туһалаах, инникилээх.

Тэрийээччилэр өттүлэриттэн хас биирдии кыттааччыга ураты болҕомто, үтүө сыһыан баарын бэлиэтии көрдүм. Остуол тула олордон итии үүттээх чэйинэн, кофенан, буруолуу сылдьар алаадьынан күндүлээбиттэрэ  астыга сүрдээх. Ити барыта Тобуруокаптар тиэргэннэригэр ыалдьытымсах ыал олорон ааспытын санатар.

Кинигэ, сувенир, ас атыыта дэлэй. Дьон-сэргэ бу тэрээһиҥҥэ анаан оҥостон, бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ олус үчүгэй.

Анабыл хоһооннору таһынан Бүөтүр Тобуруокап кинигэтин курдук санныгар сүгүллэр суумканы көрбүт эрэ киһи барыта сэргээтэ. Суумка хаһаайката Сардаана Васильева идэтинэн учуутал, Бүөтүр Тобуруокап поэзиятын сүгүрүйээччилэртэн биирдэстэрэ. Кини этэринэн, түөрт туомнаах кинигэ бастакы туома суох эбит, ол иһин ол баар буоллун диэн Москубаҕа кинигэ таһын курдук бу клатч суумканы оҥорторбут. Маны ааһан Сардаана Николаевна Бүөтүр Тобуруокап «Уонна хаһан?» хоһооно араас сылларга араас хаһыакка бэчээттэнэн тахсарыгар саха тылын суруйууга туттуллубут сурук бэлиэтин туһунан дьоҕус үлэтэ дириҥ ис хоһоону арыйарын өйдөөн көрдөххө, бэйиэт кэмин дьонноруттан атын сүгүрүйээччилэрэ саастарыттан тутулуга суохтара бу норуодунай бэйиэт аата ааттана турарын туоһутун көрөбүт.

– Бырайыак ааптара Миитэрэй Наумов туһунан аҕыйах тылынан тугу этиэҥ этэй?

– «Тобуруокап көмүс күһүнэ» – чахчы, үчүгэй тэрээһин. Оҕо эрдэхпиттэн саха литературатын сэҥээрэр буоламмын, Миитэрэй Наумовы уруккуттан истэрим, айымньыларын ааҕарым. Ол эрээри аан бастаан кинини бу бырайыак ааптарын быһыытынан илэ харахпынан эт бэйэтин иккис “Тобуруокап көмүс күһүнүгэр” көрбүтүм. Ол саҕана хоһоонньут быһыытынан бастакыбын дьон иннигэр хоһоон ааҕар кэмим этэ.

Миитэрэй Наумов – саха тылын, литературатын сайдыытыгар үтүөтэ-өҥөтө сүҥкэн улахан, дьоҥҥо, норуокка тарҕанарыгар үгүс үлэни ыытар норуоттан тахсыбыт суруйааччы. Маны таһынан айымньыны бэйэ куолаһынан ааҕар аудиокинигэлэрдээх. «Режиссердар күрэхтэрэ» диэн өрөспүүбүлүкэ драмтыйаатырдарын икки ардыларыгар ыытыллар норуот эмиэ күүтэр улахан бырайыагын ааптара. Бу тэрээһиҥҥэ саха норуодунай суруйааччыта Миитэрэй Наумов илиититтэн бэлэх туппут кинигэлэрим мин айар суолум суолтатын өссө торумнаан биэрэригэр саарбахтаабаппын.

– Киэһээҥҥи тэрээһиҥҥэ – балыктааһыҥҥа  тохтоон ааһыахха. Булка, балыкка тус сыһыаныҥ?

– «Тобуруокап көмүс күһүнэ» биир уратытынан киэһээҥҥи тэрээһинэ буолар. Ону сылдьыбыт дьон бары бэркэ билэллэр. Бүөтүр Ньукулаайабыс Тобуруокап бэйэтэ сөбүлээн сылдьыбыт, балыктаабыт сиригэр – Сэмэнээс Даркылааҕар тэрээһин ыытыллара олус улахан суолталаах. Ытык киһибит балыктаабыт кытылын үрдүгэр, ону таһынан хаампыт ыллыгын устун олус үчүгэй мас оҥоһуктары оҥорбуттара хас биирдии ыалдьыкка ураты тыыны иҥэрэр. Күһүҥҥү сөрүүн түүн сатыылаан эрдэҕинэ, ырыа-хоһоон истэ-истэ, сибилигин олгуйга буспут ис миинин, буруолуу сылдьар итии собо миинин иһэр курдук үчүгэй, ама, туох кэлиэй. Аны итини барытын буор босхо кутан биэрэллэриттэн ким үөрүө суоҕай? Мин хоһоон сатаан суруйбатым буоллар, тыаҕа улааппыт, балыктааһыҥҥа убаммыт киһи буоламмын даҕаны, эмис собо миинин, сибилигин муҥхаланан тахсыбыт, хамсыы сылдьар сыа балыгы сиэри да тиийиэм этэ.

 

Үчүгэй хаһан даҕаны үгүс буолбат...

– Быйылгы бырайыакка эдэрдэр уратытык көһүннүгүт, саҥа сүүрээни киллэрдигит. Бу бөлөххүт туһунан сиһилии сырдат эрэ.

– Үөһэ этэн аһарбытым курдук, бастакыбын иккис «Тобуруокап көмүс күһүнүгэр» кыттыбытым. Онтон ыла тиһигин быспакка сылдьабын, буолуохтаах күнүн ааҕа күүтэбин. Биһиги, поэзия эйгэтигэр үлэлэһэр эдэр дьон уонна саха литературатын сэҥээрээччилэр бары даҕаны ытыктыы көрөр, норуокка биллэр суруйааччыларбыт – Наталья Харлампьева, Семён Попов-Сэмэн Тумат, Николай Лугинов, Елена Слепцова-Куорсуннаах, Павел Харитонов-Ойуку, Аита Шапошникова, Василий Васильев-Баһылай Харысхал, Николай Винокуров-Урсун, Степан Сивцев-Хамалҕа, Данил Макеев уо.д.а. сүбэлэрин-амаларын ылынан, саха литературата сайдарыгар эдэр дьон күүскэ үлэлэһиэх тустаахтарын тириэрдэллэрин өйдөөн-өйөөн, быйылгы «Тобуруокап көмүс күһүнүгэр» Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун иһинэн үлэлиир «СМЛ САХА» (Совет молодых литераторов) бөлөхтөн кыттарга сананныбыт. Түгэнинэн туһанан, ыҥырыыны ылынан кэлбит доҕотторбор – Сюзанна Кондаковаҕа уонна Сардаана Корякинаҕа махталбын биллэрэбин. Инникитин биһиги бөлөх өссө элбэх буолан кэлиэхпитигэр эрэнэбин.

Түһүлгэҕэ мустубуттар биһиги формабытыгар харахтара хатаммытынан сиэттэрэн эттэхпинэ, манна толору хоруйдуурбар элбэҕи кэпсиэхпин сөп.            «Тобуруокап көмүс күһүнүгэр» кыттар доҕотторбун кытта Саха сирин эдэр литератордарын сүбэ мунньахтарыгар, Суоттутааҕы «Айар тыл маастарыстыбата» сэминээрдэргэ бииргэ талыллан сылдьыбыппыт. 2023 сыл Суоттутааҕы сэминээргэ Сюзанна Кондакова биир хоһоонун ырытыыга олус үчүгэй кэпсэтии тахсыбыта. Ол буолар сэминээрдэр ураты үчүгэйдэрэ уонна ордук уратылара – хас биирдии кыттааччы айымньытын илдьиритэн ырытыы, кириитикэ баара. Кириитикэ диэн кириитикэ. Дьэ, онно мин кириитикэ кэмигэр Сюзанна Кондакованы «көмүскэһээччи» буоллум. Ол дьоһун кэпсэтии, ырытыһыы кэнниттэн Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Гаврильевич Андросов: «...быйылгы сэминээр кыттыылаахтарын уратыларынан эһиги сыттыктар диэн буолаҕыт...» диэн олус үчүгэйдик эппитэ. Дьэ, ол «сыттыктар» бас-көс киһибит, доҕорбут, Горнай улууһун Маҕарас нэһилиэгиттэн сылдьар Мария Андреева көстөр дьүһүнүнэн уонна ис санаатынан даҕаны ураты сырдык киһи буолар. Ол иһин биһиги «сыттыктан – сырдыктар» диэн ааты ылыммыппыт.

Быйыл оҥостон кэлбит формабыт Сардааналаах Сюзанна толкуйдара: хара таҥаска иннигэр саха эдэр литератордарын (СМЛ) бэлиэтэ, кэннигэр «Сырдыктар» диэн сурук тута харахха быраҕыллар гына оҥоһуллубут. Тус бэйэм астынным, сөбүлээтим.

– Бөлөххүтүгэр хаскытый?

– Бу Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун иһинэн тэриллэн үлэлиир. Ол курдук, бу бөлөххө чахчы саха литературатын туһугар үлэлэһэр литератордар мустубут «уйалара». Гаврил Гаврильевич Андросов, Рустам Николаевич Каженкин салайыылаах сүбэ-мунньах кэнниттэн «СМЛ САХА» сахалыы поэзиятын салаатын салайааччытынан талыллыбытым.

«Эдэр литератордар» бөлөххө күн бүгүн Сахабыт сирин араас муннуктарыттан 19 кыттааччы баар. Онтон ол иһигэр биир кэмҥэ «кутуллан киирбит» алта биир эйгэлээхтэр: Горнайтан Василий Тимофеев, Мария Андреева, Кэбээйиттэн Сюзанна Кондакова, Чурапчыттан төрүттээх Дьокуускай олохтооҕо Сардаана Корякина, Уус Алдан улууһуттан төрүттээх Дьокуускай олохтооҕо Римма Крылова уонна мин бэйэбитин «Сырдыктар» диэн ааттанабыт. Бу тэрээһиҥҥэ эдэр литератордары, ол иһигэр «Сырдыктар» бөлөхтөрүн кэпсиир быыстапка туруордубут.

– Аҕаҥ эппит тылларыгар тохтуох...

– Ити эрдэ этэн ааспытым курдук, мин олус атаахтык иитиллэн улааппытым. Аҕам барахсан, этэргэ дылы, сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас киһи этэ. Улахан уолун сүтэрбит аһыылаах буолан наар: «Ити оҕону мөҕүмэҥ! Тыыннаах эрэ сырыттын», – диэхтиирэ. Биирдэ атаах уола: «..наа-а, паа-пааа, бу миигин соруйан соҕотоҕун мас-муус киллэрдин диэн уол оҕону оҥорботоххун. Барыта эдьиийдэр...» – диэн тыҥкынаабытым. Аҕам барахсан, мэлдьи буоларын курдук, бэрт холкутук: «Тоойуом, өйдөө, үчүгэй хаһан даҕаны үгүс буолбат!» – диэн баран оройбуттан сыллаабыта. Ол сылаас тыына билигин да ил гынар. Хоһоон суруйууга поэзия айар эйгэтигэр эдэрдэр бөлөхпүтүгэр ис дууһаттан ылсааччылар аҕыйахпыт эрээри, аҕам эппит тылларыныы, «үчүгэй үгүс буолбат».

Туолбатах ырабын ситиһиэхтэрэ

– Тус олоҕуҥ, дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсэтиэххэ.

– Оскуолабын бүтэрээт, ийэлээх аҕам сылаас хоннохторуттан “тахсан”, олох суолугар үктэнэн, син арааһы көрүстүм. Киһи сиэринэн, хараҕым хайҕыырын, сүрэҕим сөбүлүүрүн көрсөн, билигин Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү нэһилиэгэр дьиэ туттан, ыал буолан олоробун. Дьолбун үс бүк үрдэтэр үс эмдэй-сэмдэй оҕо тапталлаах аҕалара буолабын. Анабыл хоһооннорбун оҕолорбор үксүн аныыбын, санаабын хоһооммунан сайа этэбин. Хойут кинилэр эмиэ маны өйдүөхтэрэ, ылыныахтара, тустарыгар туһаныахтара диэн бүк эрэллээхпин.

Баҕардар, дьэ, чахчы

Эн бастыҥ баҕаҕын

Сиппэтэх буолларбын

Алы гын, аҕаҕын...

Эдэрбин, эрэлбин

Эрчимнээх кэмнэрбин,

Оҕокком, эн миэхэ

Иккистээн эргиттиҥ.

Эппэтэх баҕабын,

Туолбатах ырабын

Чуумпутук ситиһэн,

Ааттатыаҥ аҕаҕын...

Дьэ, итинник.

– Туох идэлээххиний, ханна үлэлиигиний?

– Орто оскуола кэнниттэн Мииринэйдээҕи институкка омук тылын (английскай) салаатыгар үөрэнэ киирбитим... Атаах-атаах курдук, ситэ үөрэммэккэ, иккис куурустан үөрэхпин бырахпытым. Ол эрээри, “куһаҕан үчүгэйдээх” дииллэринии, ол сыл Ийэ дойдум иннигэр ытык иэспин төлүү, аармыйаҕа барбытым. Дьэ, онно сылдьан дойдуга таптал, төрөөбүт дьиэ ахтылҕана баарын толору уонна түргэнник өйдөөбүтүм.

Сулууспам кэнниттэн араас үлэҕэ сылдьыбытым. Кистэл буолбатах, тыа сиригэр үлэ миэстэтэ хаһан даҕаны элбэх буолбат. Онон хачыгаарынан, хаһыакка кэрэспэдьиэнинэн, тырахтарыыһынан, охраннигынан, кулуупка методиһынан, кыракый учаастак кулуубун дириэктэринэн, оскуола завхоһунан, дворнигынан, гардеробщигынан, учууталынан үлэлээбит кэмнэрдээхпин. Барыта үчүгэй үлэлэр.

Кэлин, ыал буолан бараммын Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай колледж физкултуура салаатын бүтэрбитим. Онон идэбинэн  учууталбын. Күн бүгүн Дүллүкүтээҕи сынньалаҥ киинигэр дириэктэринэн үлэлии сылдьабын.

– Николай, эйиэхэ айар үлэҕэр үрдүктэн үрдүк кирбиилэри баҕаран туран ааҕааччыларбытыгар, айар куттаах дьоҥҥо тугу тириэрдиэҥ этэй?

– Сэбирдэх тохтор үҥкүүтүн

Сэҥээрэн, хайгыы көрөбүн,

Туолбут ый чуумпу күлүгүн

Бүгүн оҕолуу сөҕөбүн...

Саха литературата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн сайдан, чэчирээн истин. Суруйар эйгэлээх ыччат дьоммут, кытаатыҥ! Эһиэхэ эрэнэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...