Николай Бочков кандидатуратын өйөөтүлэр
Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньах Александр Корякин бэрэссэдээтэллээх тутууга, ДьУоХХ уонна энергетикаҕа кэмитиэтин мунньаҕа буолла. Онно норуот итэҕэллээхтэрэ СӨ бырабыыталыстыбатын бастакы вице-премьеринэн Николай Бочков кандидатуратын өйөөтүлэр. Мунньахха дьокутааттары сэргэ министиэристибэлэр,биэдэмэстибэлэр, борокуратуура уонна юстиция уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Санатар буоллахха, бастакы вице-премьер ДьУоХХ уонна энергетика, ГО уонна ЧС дьыалаларыгар министиэристибэлэри, сыана судаарыстыбаннай кэмитиэтин, ону тжҥж тыа баһаардарын утары үлэни, градостроительнай бэлиитикэни сүрүннүүр.
Кандидатураны өйүөх иннинэ Николай Бочкову кытта ДьУоХХ сайыннарыы, хомунаалынай инфраструктураны тупсарыы, Хоту таһаҕаһы тиэйии уонна хоромньуну суох оҥоруу, баар кыһалҕалар тустарынан кэпсэттилэр, кэккэ ыйытыылары биэрдилэр.
Холобур, Никита Тимофеев хомунаалынай холбоһук тэрилтэлэрэ (ОКК) субсидияҕа наадыйыылара сыллата улаатан иһэрин, ити балаһыанньаттан тахсар суоллары хайдах көрөрүн туоһулуста. Онуоха Николай Бочков кэлэр сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри олохтоох бырабыыталыстыба Саха сиринээҕи дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатын сайыннарыы уһун кэмнээх Тосхоло оҥоһуллан бүтүөхтээҕин эттэ. Тустаах докумуон билигин оҥоһулла сылдьар оттук-энергетика балаансатыгар, олохтоох (чуолаан Харбалаах киэнин) чоҕу тиэйии-таһыы логистикатын оптимизациялааһыҥҥа уонна автоматизированнай модьульнай хочуолунайдары үлэлэтии суотугар көдьүүһү үрдэтиигэр тирэҕириэҕин иһитиннэрдэ. Саҥа Стратегия (тосхол) үс хаттыгастаах көдьүүскэ (генерация – ситимнэр – туһанааччы) көһүүнү көрөрүн, энергосервис контрактарын сайыннарыахтарын уонна социальнай тус аадырыстаах социальнай көмө ньымата туһалыаҕын этэр. Мунньуллубут кур иэһи сабарга түһүмэхтэринэн тыырыллыбыт кыраапык оҥоһуллуута, рефинансированиены туһаныы көмөлөһүө дии саныырын биллэрдэ.
Павел Петров ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэр үптэрин туругар, хаһаайыстыбаннай үлэлэригэр сыһыаннаах ыйытыылары биэрдэ, Арктика улуустарыгар таһаҕаһы тиэрдии туругун ыйыталаста. Бочков баар балаһыанньаны, үөскээбит төрүөттэрин быһаарда. Ол иһигэр эбэлэр уулара түспүтэ эмиэ ааттанна.
Дьокутаат Дмитрий Поисеев каадыр бэлиитикэтигэр уонна вице-премьер боломуочуйатыгар сыһыаннаах ыйытыгар вице-премьер сүрүннүүр министиэристибэлэригэр саҥа салайааччы кандидатуратын Ил Дархан көрүүтүгэр киллэрэр боломуочуйалааҕын эттэ. Ону Николай Бочкой кандидатуратын дьокутааттарга билиһиннэрбит Александра Антонова бигэргэттэ.
Петр Рахлеев өрүс флотун туругун уонна өрүс сүнньүн ыраастыыр үлэ чааһыгар туох былаан баарын ыйыталаста. Онуоха саҥа вице-премьер эбэни дириҥэтии, устар аал сылдьар кыахтанарыгар үлэлэһии Өлүөнэ бассейнын ис ууларын федеральнай дьаһалтатын кытта барарын быһаарда.
Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Корякин киирбит кандидатура салайыахтаах салааларын үлэтин иһиттэн билэрин, тус көрүүлээҕин, үлэлиир кыахтааҕын бүгүҥҥү ыйытыктарга да хоруйдаһара көрдөрөрүн туһунан тус санаатын үллэһиннэ. Түмүгэр вице-премьеринэн Николай Бочкову өйүүргэ диэн быһаардылар.