05.11.2026 | 16:09 | Просмотров: 94

Ньиэп сыаната аллара курулуур. Оттон бэнсиин сыаната?

Ньиэп сыаната түһэр төрүөтүн маннык быһаарбыттар
Ньиэп сыаната аллара курулуур. Оттон бэнсиин сыаната?
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Егор Алеев / ССТА хаартыската
Бөлөххө киир

Аан дойду таһымнаах атыы биржатыгар ньиэп сыаната, сааскы өрө кыырайан тахсыы кэнниттэн, төрдүс күнүн аллара курулуур. Ол курдук, сэтинньи 5 күнүнээҕи туругунан, биржаҕа эталон быһыытынан билиниллэр Brent мааркалаах бу дьыл атырдьах ыйын 31 күнүнээҕи таһымыгар диэри түспүт.

Аналитиктар ньиэп сыаната түһүүтүн биир бастакынан АХШ Конгреһын быыбарыгар Республиканецтар баартыйалара бырабааллыыр туруктааҕынан быһаараллар.  Демократтар икки палаатаны иккиэннэрин илиилэригэр ылбыт сурахтаахтар. Ол суоһугар пуонда ырыынак кыттыылаахтара Чугас Илиҥҥэ сэриини салгыыр туһунан боппуруоска  республиканецтары күүскэ ыгыахтара диэн күүтэллэр.

Конгресс быыбарыгар кыайыы кынаттаммыт демократтар Иран иирсээнин үбүлээһиҥҥэ Үрүҥ Дьиэ баһылыга Дональд Трамп дьаһайар күүһүн-кыаҕын биллэ-көстө кыччатар кыахтаахтара этиллэр. Бу маны барытын учуоттаан, эйэлээх сыһыаны кылгас кэм иһинэн түһэрсэргэ сыһыаннаах көҕүлээһин элбээбит. Ол туһунан Эйэ пуондатын билимҥэ ыстаарсай сотруднига Сасакава Цунэо Ватанабэ бэлиэтээбит.

Оттон ити түгэн туох хайа иннинэ Чугас Илиҥҥэ тын суолталаах логистика артерията аһылларыгар дьайар чинчилээҕин бэлиэтээбиттэр. Ормуз силбиһиитинэн суудуналар сырыылара сөргүтүллүө диэн, ырыынак кыттааччылара бэлиэтииллэр. Оттон ол ньиэп сырьетун улахан диписиитин намтатыа диэн саныыллар.

Манна даҕатан эттэххэ, Арассыыйа Urals ньиэбин биир баррела, ортотунан, 110 дуолларга атыыланар. Бу аата, сыана эмиэ түспүт. Манна даҕатан эттэххэ, Минэкономразивтич сабаҕалааһынынан 2026 сылга биһиги дойдуга ньиэбит хостооһун көрдөрүүтэ, тас хааччахтан сылтаан уонна ньиэп хостонор инфраструктураларын атаакалааһынтан  3,4 бырыһыан (494 мөл. т) түспүт дииллэр. Онон бэнсиин сыаната түһэр чинчитэ суох диэн өйдүөххэ сөп.

 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.