Нэһилиэнньэбит 27% биир эрэ үлэнэн муҥурдаммат
Ол иһигэр иккис-үһүс үлэлээхтэрин ордук эр дьон эппит. Оттон эбии үлэни сүрүннээн 25-35 саастаах дьон ылар эбит.
Аны туран, эбии харчылаһыыга сүрүн үлэ эрэсиимэ оруолу оонньообот эбит: ардыгар офиска, ардыгар тэйиччиттэн үлэлээх дьон - 39%, офиска букатын кэлбэккэ дьиэттэн, уопсайынан тэйиччиттэн үлэлээх дьон - 28%, оттон күн аайы сүрүн үлэлэригэр кэлэр дьон - 21%.
Сүрүннээн ханнык идэлээх, үлэлээх дьон эбии хамнас аахсар эбитий? Манна бастакы миэстэни социальнай суолталаах үлэһиттэр ылаллар: медицинскэй сиэстэрэлэр - 41%, быраастар - 39%, буҕаалтырдар - 36%, учууталлар - 34%, маркетологтар - 32%, уһуйаан иитээччилэрэ - 30%, харабыллар - 29%, программистар - 27%.
Эбии үлэни ылар кыахтара суох исписэлиистэринэн маҕаһыын атыыһыттара, экономистар (14%), HR-менеджердэр (15%), администратордар уонна атыы менеджердэрэ (18%) ааттаммыттар.
Эбии үлэҕэ нэдиэлэҕэ 10 чаастан кыраны аныыр дьон ахсаана 67% тэҥнэспит. Ыйытыкка кыттыбыт дьон 18% эбии үлэлэригэр нэдиэлэҕэ 10-тан 20-ҕэ тиийэ чааһы аныылларын ыйбыттар, оттон 15% - 20-тэн тахса чааһы.
Дьэ аны бачча бириэмэни бараан туран төһө дохуоту аахсар эбиттэрий? Ыйытыкка кыттыбыт дьон 27% иккис-үһүс үлэлэриттэн дохуоттарын 10% оҥороллорун эппиттэр, 10-тан 4 киһи 10-30% диэри эбии дохуот аахсарын ыйбыт, хас биирдии бэһис киһи - 30-тан 50% диэри. Оттон хас биирдии ахсыс киһи эбии үлэнэн дохуотун аҥаарын оҥосторун билиммит.
Санатар буоллахха, маннык ыйытыгы SuperJob хампаанньа ыам ыйын 1-6 күннэригэр ыыппыт.