Нэһилиэнньэ электроннай өҥөлөрү көхтөөхтүк туһанар
Электроннай судаарыстыбаннай өҥөлөрү туһанар гражданнар өлүүлэрэ инники кэмнээҕи кэрдиис кэмҥэ тэҥнээтэххэ 7,7% улааппытын туһунан СӨ Инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Министиэристибэ дааннайынан, 2026 сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо күннээҕи соруктарын быһаарарга электроннай сервистэри көхтөөхтүк туһаналлар. Бу өҥөлөргө нэһилиэнньэ ордук наадыйара бэлиэтэммит:
- 79 204 сайабылыанньа – оҕону сынньалаҥ уонна чэбдигирдэр тэрилтэлэргэ ыытыыга;
- 54 188 сайабылыанньа – булт көҥүлүн ылыыга;
- 26 806 сайабылыанньа – орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр киириигэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ судаарыстыбаннай өҥөлөрү Биир кэлим порталга көһөрүү салҕанар. Федеральнай платформаҕа 94 өҥө номнуо көһөрүллүбүт.
Бэлиэтээн эттэххэ, Госуслуги портал нөҥүө онлайн көрүҥүнэн сайабылыанньаны биэриэххэ, наадалаах докумуоннары оҥоруохха уонна элбэх өҥөнү уочарата суох, ханна да айанныы сатаабакка эрэ ылыахха сөп.