07.10.2026 | 16:45 | Просмотров: 105

Наадалаах төлөпүөн нүөмэрин бэлиэтэнэн кэбис

Ол — суукканы эргиччи, тохтобула суох үлэлиир суһал көмө бырааһын сүбэ биэрэр нүөмэрэ буолар.
Наадалаах төлөпүөн нүөмэрин бэлиэтэнэн кэбис
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыалдьыбыт киһи доруобуйатын туруга чопчу хайдаҕын, киниэхэ мэдиссиинэ көмөтүн суһаллык оҥорор наадатын биитэр сарсыныгар да көрдөрүнэр кыахтааҕын эмчитэ суох киһи дэбигис быһаарара кыаллыбат. Медик да мунаахсыйыан сөп. Итинник түгэҥҥэ ыраахтан олорон сүбэлиир аналлаах пуун баар. Онно суукканы эргиччи идэтийбит, кылаастаах дьуһуурунай быраас баар.

Ол пуун төлөпүөнүн нүөмэрэ: 32-63-55

Ыарыы сибикилэрин, ыарыһах уопсай туругун, кыраадыһын сиһилии кэпсээтэххэ, итинтэн салгыы тугу гынаргын сүбэлииллэр. Наада түгэнигэр, эпэрээтэр Суһал көмө биригээдэтин ыҥырарга көмөлөһөр эбэтэр ыарыһах олорор аадырыһынан сыһыарыллыбыт поликлиникатыгар иһитиннэриэн сөп.

Хас күн аайы педиатр быраас баар буолар. Биир сууккаҕа кинилэргэ, ортотунан, 75 киһи эрийэр эбит. Бу да түгэн кинилэр көмөлөрүгэр наадыйыы улаханын туоһулуур.

Манна дьуһуурунайдыыр быраастар бары мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууга бэриллибит сэртипикээттээхтэр. Уонтан элбэх, сорохторо 25 сылтан да уһун кэм быраастаабыт уопуттаахтар.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.