07.10.2026 | 16:05 | Просмотров: 93

Өҥөнөн туһанааччы бырааба

Маны билэриҥ туһалыа.
Өҥөнөн туһанааччы бырааба
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Юридические тонкости, телеграмханаалтан
Бөлөххө киир

Салайар хампаанньа оҥоруохтаах өҥөлөрө оҥоһуллубатах, ситэ оҥоһуллубатах эбэтэр хаачыстыбата суох толоруллубут буоллахтарына, хампаанньа (УК) ол өҥө төлөбүрүгэр хаттаан ааҕыы (перерасчет) оҥорон, төлөбүрү төнүннэриэхтээх. Биитэр эбии төлөбүр быһыытынан ылбакка, дьиэни бас билээччилэр ый аайы дьиэни көрүү- истии, өрөмүөн иһин уопсай баай-дуол туһатыгар төлүүр суумаларыттан ылыахтаах. Аны, ол төнүннэрэр суумата мантан антах оҥорор өҥөтүн суотугар барбакка, харчынан төннүөхтээх.

Сууттар ылынар быһаарыылара итини бигэргэтэр. Ол курдук, ити туһунан хомунаалынай өҥөлөрү оҥоруу Быраабылатын 61-с пуунугар чопчу суруллар. (РФ Бырабыыталыстыбатын 06.05.2011 с. 354 №-дээх Уурааҕынан ылыныллыбыта).

Онно хос ааҕыы төлөбүр счетчик көрдөрүүтүн түмүгүнэн оҥоһуллар эрэ буоллаҕына, харчынан буолбакка, иннинээҕи төлөбүргэ эрдэттэн төлөһүү курдук көһөрүллүөн сөп. (Иккис КСОЮ, № 88–18165/ 2026).

Онон, өскөтүн эһиэхэ оҥоһуллубатах өҥө иһин төлөбүрү төттөрү биэрэртэн (возврат) аккаастаан, кэлэр сырыы төлөбүрүгэр ааҕабыт диир буоллахтарына, дьиэлээх киһи быһыытынан, хампаанньа итинник дьаһаныытын үҥсүһэр бырааптааххын. Ону ааһан, туһанааччы бырааба кэһиллибитин быһыытынан, УКтан кэмпэнсээссийэ ирдэһэр оҥороллорун туруорсар кыах эмиэ баар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп