Муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэ 6,8% үрдүөҕэ
Арассыыйаҕа социальнай биэнсийэ былааннаммыт индексацията 2026 сыл муус устар 1 күнүгэр буолуоҕа, төлөбүрдэр 6,8% үрдүөхтэрэ. Бу туһунан Арассыыйа Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлкэ министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
«Социальнай биэнсийэҕэ индексация суумата Арассыыйаҕа биэнсийэлээх ааспыт сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээһинин тэтиминэн сыллата бырабыыталыстыбанан бигэргэтиллэр», — диэн биэдэмистибэ бэлиэтээтэ. Миниистир Антон Котяков этэринэн, үрдээһин 4,3 мөлүйүөн биэнсийэлээҕи таарыйыа.
Индексация кэнниттэн Арассыыйаҕа социальнай биэнсийэ орто кээмэйэ 16 590 солк. буолар, диэн Госдуума дьокутаата Наталья Полуянова РИА сонуннарыгар иһитиннэрдэ.
Социальнай биэнсийэ кырдьаҕаһынан, инбэлииттэргэ, иитэр киһитин сүтэрбит түбэлтэҕэ, ону тэҥэ төрөппүттэрэ иккиэн биллибэт оҕолорго ананар.
Өскөтүн биэнсийэ кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына, үлэлээбэт биэнсийэлээххэ социальнай эбии харчы көрүллэр. Бу эбии төлөбүрү 2026 сылтан социальнай көмүскэл уорганнара буолбакка, Арассыыйа социальнай пуондата төлүүр.