19.10.2026 | 11:56 | Просмотров: 75

Мобильнай интэриниэт төрөөбүт бөһүөлэккэр киирэрин туһугар куоластаа!

Үлэлиир. күндүтүк саныыр биитэр сибээс хайаан да баар буолуохтаах диир сиргэр куоластаа. Эйигиттэн баара-суоҕа куолас эрэ эрэйиллэр.
Мобильнай интэриниэт төрөөбүт бөһүөлэккэр киирэрин туһугар куоластаа!
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Инновация министиэристибэтин хаартыската
Бөлөххө киир

Быйыл Саха сирин алта нэһилиэгэр – Эйиккэ, Орто балаҕаҥҥа, Төрүккэ, Биэрэк Үрдүгэр, Үчүгэйгэ уонна Баахынайга мобильнай интэриниэт холбонно. Олохтоохтор күүтүүлээх түргэн тэтимнээх интэриниэттэнэн үөрүүлэрэ үрдүк. УЦН 2.0 диэн бырагыраама чэрчитинэн үлэ барар.

2021 сылтан саҕалаан, уопсайа Саха сирин 57 нэһилиэгэ итинник интэриниэттэннэ.

«Биһиги өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, ол иһигэр кытыы, куһаҕан суоллаах-иистээх, аҕыйах нэһилиэнньэлээх, дьоҕус нэһилиэктэргэ олорооччулар, сыыппара эйгэтигэр хапсар кыахтарын ситиһэр соруктаахпыт. Тэтимнээх сибээһи туһаныы дьоҥҥо судаарыстыбаннай өҥөлөрү туһанар, үөрэнэр, билиилэрин хаҥатар, үлэҕэ-хамнаска киэҥник туттар кыаҕы биэрэр», — диэн, СӨ Инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникационнпй технологияларга миниистирэ Петр Николаев этэр.

Дьэ, оттон мантан салгыы, ол эбэтэр 2027 сылга ханна интэриниэт киирэрэ наадатын олохтоохтор быһаараллар! Бэйэ санаатын, баҕатын тиэрдэр тоҕоос – куоластааһын – бу дьыл сэтинньи 8 күнүгэр диэри бэриллэр. Туттумахтаһыҥ. Ханна дьон ордук түмсүүлээх -- онно интэриниэт киириэҕэ. Дьоҥҥутун түмүҥ, куоластааҥ.

Мобильнай тэтимнээх интэриниэккэ 100-тэн саҕалаан, 1 тыһ. диэри нэһилиэнньэлээх сирдэр хапсыахтарын сөп.

Муҥутуур элбэх куолаһы ылбыт нэһилиэктэргэ эһиил 4G/LTE холбонуо. Куоластааһын Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар буолар. Онно бу сигэни баттаан киириллэр: https://www.gosuslugi.ru/inet

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.