Минньигэһи таптааччыларга хобдох сурах
“Российское качество” телеграм ханаал суруйарынан, биһиги дойдуга “минньигэс аска нолуок” диэни киллэрээри гыналлар. Онтулара олоххо киирдэҕинэ, саахар уонна кэмпиэт сыаната 10-20 бырыһыан үрдүүрүгэр тиийэр. Билигин саахар НДС-ка 10 бырыһыан чэпчэтиилээх ас кэрискэтигэр киирэ сылдьар. Чопчута, ол чэпчэтиилээх табаардартан таһаарарга этии киирбит. Оччотугар ыстаапка 22 бырыһыан буолар. Ону ааһан, сакалааттаах уонна сакалаата суох кэмпиэккэ акзиһы киллэрэргэ суоттаналлар эбит.
Ону сиһилии билсээри, киин бэчээт тугу суруйарын көрдүбүт. Үрдэтии туһунан бастаан алтынньыга буолбут “Дьыалабыай Арассыыйа” форумугар көҕүлээһин быһыытынан иһиллибит. Акциһы киллэрии икки барыйаана баар эбит. Кэлим ыстаапканы киллэрии – киилэ кэмпиэккэ 100 солк. акциһы эбэтэр сакалаат кэмпиэккэ – 100 солк. акциһы, онтон атын кэмпиэккэ – 47,7 солк.
Билиҥҥитэ этии быһыытынан киирэ сылдьар. Дьэ, хайыыллар, үрдэтэллэрэ буолуо ээ. Көҕүлээһин олоххо киирдэҕинэ, киилэ саахар сыаната, быһа холуйан, 10 бырыһыан, сакалаат – 23,4 бырыһыан, боростуой кэмпиэт – 19,6 –41 бырыһыан үрдүөн сөп.
Дойду үпкэ министиэристибэтэ ити боппуруоһу тилэри үөрэтэн, ааҕан-суоттуун көрүү наадатын этэр эбит.