15.10.2026 | 14:00 | Просмотров: 136

Миграция бэлиитикэтин дьүүллэстилэр. Тас дойдуттан кэлии үлэһит элбиир.

Саха сиригэр миграция бэлиитикэтин олоххо киллэрии боппуруостарынан дьарыктанар Биэдэмэстибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа диэн баар. Ол уочараттаах мунньаҕа буолла.
Миграция бэлиитикэтин дьүүллэстилэр. Тас дойдуттан кэлии үлэһит элбиир.
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: АГиП пресс-сулууспата хааччыйда
Бөлөххө киир

Кэпсэтиини СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирэ Гаврил Кириллин ыытта.

Мунньахха туһааннаах министиэристибэлэр, биэдэмэстибэлэр, быраабы көрөр структуралар уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

Кэпсэтии  2026-2030 сылларга үлэлиир дойду судаарыстыбаннай миграция бэлиитикэтигэр Кэнсиэпсийэтин олоххо киллэрии чэрчитинэн барда.

Тастан кэлии үлэһиттэр ортолоругар быраабы кэһии тахсыбатын туһугар ыытыллар үлэ көдьүүһүн туһунан иһитиннэриини Саха сирин ИДьМ-ыгар миграция боппуруостарынан дьарыктанар Управление салайааччытын эбээһинэһин толорор полиция полковнига Аида Бурцева иһитиннэрдэ.

Онно этиллибитинэн, бу сыл тоҕус ыйыгар биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ  40 тыһ. 542 тас дойду олохтооҕо кэлбит. Бу – иннинээҕи сыл көрдөрүүтүттэн 22,6% элбэх (!). Тастан кэлии дьон 87,9% — үлэ миграннара. 3 136 үлэҕэ көҥүл бэриллибит. Бу эмиэ былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ,   1,8 төгүл элбэх. Ити иһигэр 2 903 киһитэ — үрдүк кылаастаах исписэлиис.

*9,5 тыһ. тахса патент толоруллубут. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр нолуок быһыытынан, фиксированнай абаанса төлөбүрүнэн 851 мөл. 921 тыһ. солк. киирбит.

*Хонтуруоллуур-кэтээн көрөр, бэрэбиэркэлиир 3 116 тэрээһин ыытыллыбыт.

*3 116 административнай боротокуол толоруллубут.

Аида Бурцева  эрдэттэн сэрэтэр үлэ түмүгүн тупсарар уонна сокуону кэһиини эрдэттэн булар наадатыгар тохтообут. “Үлэ сыһыаннаһыытын сокуоннай оҥоруу – үлэһит бырааба тутуһулларын хааччыйар, үлэ ырыынага дьэҥкэтик көстөр буоларыгар көмөлөһөр уонна үлэһит күүһүн сэҥээрдиигэ сокуону кэһии тахсыбатын хааччыйар”, – диэбит.

Үлэ ырыынагын бүгүҥҥү балаһыанньатын СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин салайааччыта Светлана Горюшинская билиһиннэрдэ.  

Кинилэр кэмитиэттэрэ тас дойду үлэһиттэрин көдьүүһүн сыаналыыр сыалтан 2025 сыл түмүгүн ырытан көрбүт.

Патены оҥоруу элбээбит. 2024 сылга 10 328 патент баар эбит буоллаҕына, былырыын 11 527 оҥоһуллубут. Итинтэн киирбит төлөбүр 18,3%-а намыһах кылаастаах үлэни тэрийэрин уонна дьарыктаах буолуу көстүбэт өлүүскэтин төрүттүүр кыахтааҕын эппит. Нолуок ноҕорууската тэҥ буолутун бириинсибин тутуһар гына уонна үлэ ырыынагын бэрээдэктиир гына, эрэгиийиэннээҕи кээписийиэни эһиил 6,098 гына үрдэтэри өйөөбүттэр.

Ону таһынан Ил Дархан бу дьыл тохсунньу 22 күнүнээҕи ыйааҕынан, экэниэмикэ кэккэ көрүҥэр үлэлиир  хаһаайынныыр субъектар патент төрүтүгэр үлэлиир тас дойду гражданнарын үлэҕэ наймылаһаллара бобуллубут.

Кэпсэтии үһүс боппуруоһа – сокуоннай саастарын туола илик тас дойду гражданнара тылга, социально-култуурунай уонна уйулҕа өттүнэн  үөрүйэхтэниилэригэр эрэгийиэн ылынар кэлим миэрэлэрин олоххо киллэрии туһунан буолла.

Онно 2024 сыл ахсынньы 28 күнүгэр ылыллыбыт Федеральнай сокуону олоххо киллэрии туһунан таарыйдылар.  Ол сокуоҥҥа 2025 сыл муус устар 1 күнүттэн саҕалаан тас дойду гражданнарын уонна гражданствота суох сирэйдэрин оҕолоро нуучча тылын билиини бэрэбиэркэлиир тургутугу булгуччу ааһыахтаахтара этиллэр.  

Уйулҕа өттүнэн көмөнү хааччыйыыга, кэлии дьиэ кэргэттэри кытта алтыһыыга уонна оҕо дьон, ол иһигэр ОВЗлаах уонна инбэлиит оҕолор социальнай туоратыыга  (изоляцияҕа) киирбэттэригэр ураты болҕомто ууруллуохтааҕын чопчулаатылар.

Кэпсэтии түмүгэр  Гаврил Кириллин хамыыһыйа быһаарыытын уталыппакка толорорго, муниципалитеттар икки ардыларыгар уопут атастаһыыта баар буолуохтааҕар тохтоото.  ИДьМ территориятааҕы салаалалара уонна тас дойдулар олохтоохторо социальнай, култуурунай адаптацияны ааһалларыгар үлэлиир Киин профилактическай үлэни күүһүрдэллэригэр эттэ.

Бу туһунан биһиэхэ Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.