20.10.2026 | 09:00 | Просмотров: 140

Мээр 1-кы нүөмэрдээх оскуола төрөппүттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин кытта көрүстэ

Дьокуускай куорат бастакы нүөмэрдээх оскуолатыгар тахсыбыт быһыы- майгы, баай уопуттаах, ытыктанар дириэктэр үлэттэн тохтооһуна, ити хобдох быһыыттан балыыһаланыар диэри ыалдьыыта өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун хайдах да долгуппат буолар туһа суох.
Мээр 1-кы нүөмэрдээх оскуола төрөппүттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин кытта көрүстэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Дим Димыч тус ханаалыттан хаартыска
Бөлөххө киир

Бу кыһалҕаҕа сыһыаннаан куорат баһылыга туох санаалааҕын, кини көрүүтүн күүтээччи, баарынан эттэххэ, үгүс этэ. Онон мээр Дмитрий Садовников тус ханаалыгар  санаатын үллэстибитин билсиэҕиҥ.

— Бүгүн мин бастакы нүөмэрдээх оскуола төрөппүттэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Альбина Фоминаны кытта кэпсэттим. Тутаах тиэмэбит Ленин бэрэспиэгэр тутуллубут саҥа тутууга үөрэх хаамыытын саҕаланыытын туһунан буолла. Кэпсэтиигэ Роспотребнадзор территориятааҕы Управлениетын санитарнай кэтээн көрүүгэ, лицензияҕа уонна регистрацияҕа салаатын начаалынньыгын солбуйааччы Георгий Игнатьев кытынна. Айдаан төрдө буолбут итэҕэс туоратыллыбытын кини бигэргэттэ. Баар итэҕэһи булан көрбүт кэтээн көрөр уоргаҥҥа итэҕэйбэт буоллахха, кимиэхэ итэҕэйиэхпитий. Саамай сүрүнэ - биллэн турар, хара ааныттан бырайыакка киирбэтэх хахха олбуор (ограждение) буолар. Сиэри тутуһан эттэххэ, оннук үрдүк олбуор урукку, эргэ оскуолаҕа да суох этэ. Госпожнадзор олбуорданарын утарар, Росгвардия - өйүүр этэ. Ити утарсыыны сүрүннүүр, сааһылыыр гына, мээрийэ эһиил итиннэ олбуору туруорар эбэһээтэлистибэни ылыммыта. Ол олбуор баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбилигэр уонна куорат уопсай тас көстүүтүгэр эппиэттэһэр буолуоҕа. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ оскуола дьиэтэ үлэлээбэккэ туруо суохтаах дии саныыбын. Муҥутуур үрдүк стандартынан хааччыллыбыт аныгы тутуу. Маннык оскуола өрөспүүбүлүкэҕэ аҕыйах, оҕолорбут маннык үчүгэй усулуобуйаны кыалларынан түргэнник туһаныах кэриҥнээхтэр. Аны, оскуола дириэктэрэ Таисия Горохова туһунан. Ууратар быһаарыы төһө оруннаахтык ылыллыбытын мин сорудахпынан мээрийэ салайар аппараатын, Антон Артьемьев таһымыгар анаан тэриллибит хамыыһыйа сыаналыа. Түмүк туох да диэн буолбутун иһин, киин куорат үөрэҕин эйгэтигэр 40-тан тахса сыл олоҕун анаабыт, улахан буукубаттан суруллар уопуттаах педагог ытыктаныах, үрдүк билиниини ылар кэриҥнээх. Биһиги оҕолорбутугар анаан, аныгы оскуолалары туттарабыт, саҥа тутуулар ааннара кыалларынан түргэнник тэлэйэ аһыллыах тустаах. Биллэн турар, туох баар ирдэбили тутуһан ыытыллыбыт дьаһаллары ылыммыт кэнниттэн.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп