"Мээнэ тыллаһыма, кэлин кэмсиниэҥ!"
Биһиги кыра сааспытыттан кырдьаҕастар “Киhи тыла – уот”, “Киhи тыла – ох», “Алгыс тыла – сыалаах, кырыыс тыла – хааннаах” дииллэрин истэн улааппыппыт.
Сорох киһи итини итэҕэйбэт, мээнэ тыллаһар идэлээх, оттон куһаҕаны саҥарбыта түргэнник тиийэр. Мин биир оннук киһини билэбин...
Маша диэн аатын уларытыым. Кинилиин уонча сыллааҕыта билсибиппит. Ол дьиэҕэ саҥа көһөн кэлбит күммэр бэйэтэ тортаах, сампааннаах киирэн кэлбитэ.
Ол саҕана Мария отут биэһин ааспыт, куорат төрүт олохтооҕо. Сытыы-хотуу, элбэх саҥалаах-иҥэлээх. Миэхэ сонунун соспутунан киирэн кэлэрэ. Сүрдээх аһаҕас, эйэҕэс, элэккэй майгылаах буолан, тута доҕордоспуппут.
Аны сатаабата суох. Ол саҕана сулумахпын, кэргэммин көрсө иликпин. Онон кыбартыырабын өрөмүөннэнэрбэр улаханнык көмөлөспүтэ.
Маша үрдүк уҥуохтаах, толору эттээх, сахаҕа көстүүлээх дьахтар. Кип-киэҥ харахтаах, уп-уһун суһуохтаах кэрэ аҥаар эр дьон сүрэҕин абылыыра. Ол эрээри тус олоҕор табыллыбат этэ, кэргэнэ, оҕото суоҕа. Үрдүк хамнастаах үлэлээҕэ, бэйэтигэр сөрү-сөп, уурбут-туппут курдук кыбартыыралааҕа.
Биэс сыл биир этээскэ олорбуппут тухары Маша биир мөкү өрүттээҕин бэлиэтии көрбүтүм...
Биирдэ миэхэ чэйдии олордубут. Арай ким эрэ массыынатын сигнализацията тохтоло ыйылаата, онуоха дьүөгэм түннүгүнэн көрөөт: “Миэнэ!” – диэн хаһыытаата уонна уулуссаҕа ыстанна. Мин кэнниттэн ойдум.
Тахсан көрбүппүт, биир суоппар кини массыынатын алҕас таарыйбыт. Маша саҥа көрбүт киһитин кыраабытынан барбата дуо. “Өлөн хаалбаккын ээ!” “КамАЗ тэпсэн ааспат ээ!” “Илииҥ-атаҕыҥ быһа сытыйдыннар!” Тохтото сатыыбын, ол аайы дьахтарым өрө барар курдук. Онтон уһун-киэҥ быһаарсыы кэнниттэн подъезпыт иннигэр ыскамыайкаҕа тиийэн уоскуйа сатыы олордубут. Санаан кэлэ-кэлэ тымтар. Мин баара-суоҕа тоҕо билбэт киһигин итинник саҥараҕын диэччи буоллум. “Оччоҕуна тугуй? Саҥарбакка, баһыыбалаан ыытыахтаах этим дуо? Кэһэйдин!” – диэтэ.
Ол олордохпутуна хантан кэлбитэ биллибэт, хаһан да харахтаан көрбөтөх эмээхсиммит баар буола түстэ. Арааһа, талах быыһыттан таҕыста.
Баһын быһа илгистибитинэн, сэмэлиирдии, мөҕөрдүү, үөрэтэрдии, биһиги диэки супту хааман кэллэ. “Дьэ, тоойуом, аматын да иһин, иэдээн тылларынан ыһыахтанныҥ. Кэмэ кэллэҕинэ, эппиэттиириҥ буолуо”, – диэтэ.
Онуоха дьүөгэм бастаан аахайбата, көннөрү: “Ээ, орооһума, ааһа тур”, – диэтэ. “Тоойуом, иһит эрэ, кэмсинэр кэмиҥ кэлиэ, мээнэ тыллаһыма”, – диэтэ. “Саастаах эрэ диэн саҥарбаппын, баһаалыста, билбэт эрээри, кыттыһыма, ханна баран испит сиргэр бара тур!” – диэн Маша көрүөх бэтэрээ өттүгэр оргуйа түстэ. Эмээхсин да тохтуур санаата суох: “Тылгын-өскүн көрүн! Сотору бэйэҥ кэмсиниэҥ, мин эппиппин өйдүөҥ”. Маша син туттунна, салгыы аахса барбакка, киирэр ааны былдьаста.
Сотору кэминэн Маша төрөөбүт күнүн эрэстэрээҥҥэ ылбыппыт. Ол киэһэ кини Боряны көрсүбүтэ...
Бу сырыыга дьүөгэм уҥа-таала таптаабыта, көтүөн кыната эрэ суоҕа. Сыл курдук буолан баран уруу киэһэтин тэрийбиттэрэ. Борис Машаҕа көһөн кэлбитэ.
Дьүөгэм оҕолонуон олус баҕарара, сааһым ыраатта диэн ыксыыра. Элбэх бырааһы, саха эмчиттэрин кэрийбитэ. Кэргэнэ барытыгар сылдьыһан иһэрэ.
Хата, сотору соҕус үөрүүлээх сонуну истибитим – Маша хат буолбут. Биллэн турар, дьүөгэм бэйэтин харыстанара, Борята суох ханна да тахсыбата. Сороҕор миигин соһоро. Ол сылдьан эмиэ дьикти-дьиибэ түгэннэргэ түбэспиппит.
Биирдэ дьүөгэм дьиэбит аттынааҕы маҕаһыыҥҥа айдааран турда. Болдьоҕо ааспыт үүтү атыылаабыккыт диэн. Маша идэтинэн атыыһыты кыраан-таныйан барда. Ис хоһоонун бу диэн өйдөөбөппүн, ол эрээри илиитигэр сыһыаннаах этэ. Аҕыйах хонугунан ол маҕаһыыҥҥа тахсыбытым, били атыыһыт суоҕа. Ыйыталаһан билбитим, илиитин тоһутан, больничнай ылбыт этэ.
Ол кэннэ өссө биир дьикти түбэлтэ буолбута. Биирдэ Машалыын маҕаһыыннаан кэллибит. Тобус-толору пакеттаах массыынаттан тахсан истэхпитинэ, биһиги подъезпыт оҕото бэлисипиэтинэн иһэн, Маша биир пакетын далбы таарыйан ааста. Онуоха атыылаһан кэлбит аспыт ыһылла түстэ. Дьүөгэм сонно тута илэ абааһы кыыһыгар кубулуйда уонна уолга ону-маны кутан-симэн барда. Биир нэдиэлэнэн көрбүтүм, ол уол атаҕар гипсэлээх сылдьара.
Дьүөгэбэр тиийэн кэпсээбиппэр: “Бүт эрэ! Бэйэҥ да холооҥҥун буолбат дуо!” – дии түстэ. “Ону-маны итэҕэйэн, эмээхсин курдуккун!” – диэн күлэн эрэ кэбистэ. Ол киэһэ күөмэйим ыалдьан, ангиналаан хаалбытым. Маша киирэ-тахса харайбыта. Куорат кыыһа буолан, бэйэтэ да улаханнык итэҕэйбэтэ.
Сотору Маша уол оҕону төрөппүтэ. Хомойуох иһин, доруобуйатыгар улахан кэһиллиилээх. Дьүөгэм бастаан санаатын түһэрбэтэҕэ, балыыһа бөҕөтүн кэрийбитэ. Уол үс ыйыгар ДЦП диэн ыарахан диагноһы туруорбуттара. Биир сааһыгар хаһан да хаамыа суоҕа диэн быһаарбыттара. Балыыһаттан арахпатахтара. Өр-өтөр буолбатаҕа, Борис арахсан барбыта...
Мин ыал буолан, атын сиргэ көспүтүм. Машалыын биирдэ эмэ бассаабынан кэпсэтэбит. Дьүөгэм таҥара дьиэтигэр сылдьар буолбут, уолум үтүөрүө диэн эрэнэр...
Оттон мин хаһан эрэ подъезд иннигэр көрбүт эмээхсиммит тылларын өйдөөн кэлэбин...