16.04.2026 | 16:30 | Просмотров: 125

Массыына түннүгүнэн бөҕү быраҕыы бөдөҥ ыстараапка тириэрдиэн сөп

“Массыына түннүгүттэн бөҕү быраҕыы, онно табаҕы быраҕыы эмиэ киирэр, билиҥҥи сокуон быһыытынан административнай буруйу оҥоруунан ааҕыллар”, – диэн ТАСС-ка РФ Уопсастыбаннай палаататын хамыыһыйатын чилиэнэ Евгений Машаров иһитиннэрэр.
Массыына түннүгүнэн бөҕү быраҕыы бөдөҥ ыстараапка тириэрдиэн сөп
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйа Административнай быраабы кэһиилэр тустарынан кодексын 8.2 ыст. 3.1 ч. этиллэринэн, гражданин массыына түннүгүнэн табах сототун бырахпытын иһин – 10 000-тан 15 000 солкуобайга диэри; дуоһунастаах дьон – 20 000-тан 30 000 солкуобайга диэри; юридическай сирэйдэр 30 000-тан 50 000 солкуобайга диэри ыстарааптаныахтара, диэн РФ Уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ эбэн эттэ.

Маннык балаһыанньаны көрбүт гражданнар полиция эбэтэр ГИБДД салаатыгар кэлэн эбэтэр «Госуслуги» портал нөҥүө үҥсүү түһэриэхтэрин сөп. Үҥсүүгэ балаһыанньа сиһилии суруллуохтаах, ол иһигэр күнэ, бириэмэтэ, сирэ, ханнык массыына буолара уонна нүөмэрэ. Ону тэҥэ, баар дакаастабыллары, холобур, видеоҕа устуулары эбэтэр хаартыскалары киллэрии улахан суолталаах, диэн юрист быһаарда.

Массыына түннүгүнэн бөҕү быраҕар суоппары хаартыскаҕа түһэрии эбэтэр видеоҕа устуу кинилэр бырааптарын кэһии буолбатах, диэн эксперт эбэн эттэ.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.