Марха саҥа амбулаториятыгар номнуо 2 тыһыынчаттан тахса ыарыһах көрдөрүннэ
Алтынньы 22 күнүгэр аһыллыбыт модульнай быраас амбулаториятыгар хайыы үйэ 2 тыһыынчаттан тахса ыарыһах, ол иһигэр оҕо уонна улахан дьон, көрдөрүннэ. Бэлиэтээн эттэххэ, бу дьоҕус түөлбэҕэ 15 тыһыынчаттан тахса киһи олорор.

Амбулаторияҕа терапевт уонна педиатр быраастар хосторо, процедурнай уонна быһыыны биэрэр хостор, ону тэҥэ функциональнай диагностика кэбиниэтэ үлэлиир. Хаарбах туруктаах эргэ дьиэ оннугар тутуллубут саҥа дьиэҕэ исписэлиистэргэ сөптөөх усулуобуйа тэрилиннэ, оттон ыарыһахтар хаачыстыбалаах көмөнү кэмигэр ылар кыахтаннылар.
Манна биэс терапия уонна түөрт педиатрия учаастактара үлэлииллэр. Оттон ыарыһахтары эбии чинчийиигэ (холобур, УЗИ, рентген, КТ, МРТ уо.д.а.) Дьокуускай куораттааҕы 2-с №-дээх балыыһаҕа ыыталлар.

Дьоҕус түөлбэ олохтоохторо саҥа инфраструктура табыгастааҕын уонна үлэһиттэр болҕомтолоох сыһыаннарын бэлиэтииллэр.
Саҥа эбийиэк «Уһун уонна көхтөөх олох» национальнай бырайыак чэрчитинэн олоххо киирдэ. Бэлиэтээн эттэххэ, 2018 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ 130-тан тахса доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ аһыллан үлэлиир.