Марафоннары ыытарга туспа суол тутуллуоҕа
Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын быһа эпииригэр чэпчэки атлетика марафоннарын Ленин проспегыттан атын сиргэ көһөрүү туһунан боппуруоһу олохтоохтор туруорсубуттара. Сүүрүү кэмигэр сүрүн киин уулуссалар сабыллаллара массыыналаах дьоҥҥо харгыстары үөскэтэр.
Физическэй култуура управлениетыгар иһитиннэрбиттэринэн, Ленин проспега билиҥҥитэ соҕотох сертификацияны ааспыт марафоннарга барсар суол буолар. Ол эрэн сүүрүү буоллаҕын аайы дьоҥҥо табыгаһа суох түгэннэр үөскүүллэрэ баар.
Бу иннинэ куорат баһылыга Дмитрий Садовников сүүрүктэргэ инфраструктура толкуйданарын, саҥа сүүрэргэ аналлаах суол баар буолуоҕун туһунан иһитиннэрэн турар. Ол курдук, Олохтоох дьаһалта куорат Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын тулатынан сүүрүү суолун тутар этиилээх. Суол уһуна 10 км буолуохтаах. Манна массыыналар сылдьыбаттар, суол сүүрүктэргэ эрэ ананар. Билиҥҥитэ мараофннарга ананар суол чуолкай ханан барара быһаарыллар.
Физическэй култуура управлениета уонна СӨ Спорт минитсиэристибэтэ маршрут ханан сытыан сөбүн тобулаллар. Бастакы бырайаан быһыытынан, Паарка тула барар суол көрүллэр. Суол кэтитэ 5 м буолуохтаах. Бу сыл бүтэһигэр диэри бырайыак бастакы түһүмэҕэ оҥоһуллуохтаах. Кыһын бу суолунан хайыһар суолу үкстэниэхтээх.