Маны билэриҥ хаһан эрэ туһалыан сөп
Сууттар оҕону дьиэттэн таһаарыыны (пропискатын тохтотууну) хаһан да өйөөбөттөрүн тэҥэ. Бу маннык бигэргэтии чуолаан социальнай наймылаһыы дуогабарыгар олоҕуран регистрацияламмыт оҕоҕо сыһыаннаах. Соторутааҕыта буолбут сууту онлайн үлэлиир юрист холобурдуур.
Биир эр киһи сокуоннай сааһын туола илик уолбун регистрация учуотуттан устары туруорсан, суукка дьыала биэрбит. Кыбартыыра приватизацияламматах, социальнай найм дуогабарынан олорор.
Оҕо күн сирин көрбүт кэмиттэн саҕалаан ол дьиэҕэ регистрациялаах эбит. Ити гынан баран, уолчаан онно баара эрэ сыл олорбутун кэннэ ийэтэ оҕотун илдьэ атын сиргэ бастайааннай өрүккэ олоро, көһөн барбыт.
Ол кэмтэн уон ордугуна биэс сыл ааспыт. Бу кэм тухары уол ийэтин кытта олорбут. Биир үтүө күн аҕата кыбартыыратын бэйэтигэр приватизациялатарга санаммыт. Онуоха уолун кыбартыыраттан выпискалатыан наада буолбут. Сокуон быһыытынан, кыбартыыраҕа уһун кэм устата олорбот буолуу – социальнай найм дуогабарыттан аккаастаммыт уонна ити дьиэҕэ бырааптан акаастаныы быһыытынан билиниллэр. ОЛ ЭРЭЭРИ сокуоннай сааһын туола илик оҕоҕо сыһыаннаан итинник быһаарыы ылыллара судургута суох.
Ол да курдук, суут эр киһи сайабылыанньатын көрөн баран, мөккүөрдээх кыбартыыраттан уолу регистрацияттан устары өйөөбөтөх. Төһө да кини олус уһун кэм олорботоҕун иһин, оҕо быраабын сокуон күүскэ көмүскүүр.
Суут маннык матыыптарга тирэҕирбит:
- сокуоннай сааһын туола илик оҕо хайдах да бэйэтэ олорор дьиэҕэ быраабын быһаарар (утарар эбэтэр сөпсөһөр) кыаҕа суох. Онон кини уһун кэм устата дьиэҕэ олорботоҕо – кинини учуоттан таһааран, дьиэҕэ быраабын тохтототорго төрүөт буолар кыаҕа суох.
-Оҕо төрөппүттэрэ оҕобут олорор сирэ диэн, регистрациялаппыт дьиэлэрэ кини олорор сиринэн ааҕыллар. Бэл, кини төрөппүтэ ити дьиэҕэ быраабын сүтэрбит да түгэнигэр, кинини кытта оҕо бырааба тэбис-тэҥҥэ тохтоон хаалбат. Сокуоннай сааһын туола илик оҕо дьиэҕэ бырааба син биир оннунан хаалар.
Ити курдук, өскөтүн кыбартыыраҕа сокуоннай сааһын туола илик оҕо пропискалаах түгэнигэр, кининини регистрацияттан таһаарыы манан дьыала буолбатах. Оттон социальнай найм быһыытынан олорор буоллахха, букатын да, кыаллыбат.