Маннык эмиэ буолар эбит
Приморье кыраайыгар сэбилэниилээх күүстэр Украина Оборуонаҕа министиэристибэтин разведкаҕа кылаабынай управлениетыгар кинилэр интэриэстэригэр туһалаах сибидиэнньэни хомуйууга уонна ыытыыга уорбаланар эдэр киһини харытыттан харбаабыттар. Ол туһунан туһааннаах эрэгийиэн терроризмы утары үлэлэһэр хамыыһыйата “Аргументы и факты” таһаарыыга иһитиннэрбит.
Эдэр киһи баара эрэ 2008 сыллаах төрүөх, Спасск-Дальняй диэн сиргэ олорор. Бу уолан анараа дьону кытта Telegram мессенджеринэн билсибит. Олор сорудахтарын толорон, Приморье кыраайыгар баар топливно-энергетическэй комплекстар эбийиэктэрин туһунан дааннайы хомуйан ыытар эбит. Иэдээн диэтэҕиҥ! Ама тугунан ити диэлийэн тахсыан сөбүн, дойдутун дьонугар улахан иэдээни оҥоруон толкуйдаан көрбөтө салыннарар.
Саарбах төбөлөөх уолаҥҥа ФСБ силиэдэбэтэллэрэ судаарыстыбанай таҥнарыы туһунан УК 275 ыстатыйатынан холуобунай дьыала көбүппүттэр. Хоҥ мэйии олоҕун тухары хаайыы киһитэ буолар накаастабылы сүгэр кыахтаах. Онтон атын миэрэ кини курдуктарга барсыбат да курдук. Хата, тутуллубут. Хойутаан баран хобо тиктэн, силиэстийэҕэ көмөлөһөр диэбиттэр.
Манна даҕатан эттэххэ, алтынньы 22 күнүгэр, Крымҥа, 1969 сыллаах төрүөх Севастополь олохтооҕун туппуттара. Кини эмиэ судаарыстыбаннай таҥнарыыга уорбаланар. Ол туһунан РФ ФСБ судаарыстыбаннай сибээскэ киинэ иһитиннэрбитэ.
Ол баҕайы Украина Куттал суох буолууга суулуспатын контрразведкаҕа департаменын 5-с управлениетын агена үһү. Эмиэ холуобунай дьыала көбүтүллүбүт.
Маннык быһыы тахсыбатын, ситэ толкуйдаабаттан сыыһа-халты туттуу, дойдуну, биир дойдулаахтары таҥнарыы курдук ыар буруй оҥоһуллубатын курдук ыччат ортотугар иитии-үөрэтии, сырдатыы наада бадахтаах?