06.10.2026 | 15:48 | Просмотров: 101

Маннык эмиэ буолар эбит

Отзыв суруйаргытыгар сэрэхтээх буолуҥ.
Маннык эмиэ буолар эбит
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирин олохтооҕо дьахтар (иһитиннэриигэ сааһа суруллубатах, эдэр да кыыс буолуон сөп) Благовещенскайга сылдьан, кыбартыыра куортамнаспыт. Дьиэлээх киһини кытта тыл тылларыгар киирбэтэх, уопсай тыл булбатах чинчилээхтэр. 2ГИС отзывыгар кини тус санаатын суруйбут. «Солуокпун соруйан төннөрбөт, «мошенник» диэбит. Эбиитин ол киһи аатын уонна... төлөпүөнүн нүөмэрин суруйбут. Дьиэлээх ону көрөн, улаханнык өһүргэнэн, дьахтары суукка үҥсүбүт. Тус дааннайбын миигиттэн көҥүлэ суох киэҥ араҥаҕа таһаарда, ааппын- суолбун алдьатта, репутациябын түһэрдэ диэн. Суут үҥсээччини өйөөбүт. Буруйдаахтан моральнай хоромньу иһин төлөбүрү сэргэ сууттаһарга көрсүбүт ороскуотун анараа киһиэхэ төлүүрүгэр уураахтаабыт. Төһө сууманы төлүүргэ күһэллибитэ, дьахтар ол гынан, солуогун ылбыта- ылбатаҕа суруллубатах.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.