04.06.2026 | 08:00 | Просмотров: 148

Маннык эмиэ буолар эбит

Усулуобунайтан – дьиҥ күлүүс хаайыытыгар
Маннык эмиэ буолар эбит
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат суута бу дьыл муус устар 6 күнүгэр бу иннинэ сууттана сылдьыбатах, Бүлүү оройуонуттан төрүттээх, Дьокуускай куорат 42 саастаах олохтооҕо РФ Холуобунай кодексын 159 ыстатыйатынан көрүллэр 17 буруйу оҥорбутугар сымнаһыар бириигэбэри таһаарбыт. Онно сөпсөспөккө эмсэҕэлээбит өрүттэр  уонна борокуруор Үрдүкү суукка ааһыммыттар.

Буруйданааччы  2020 сыллаахха тутуу маһын бэлэмин эйгэтигэр урбаанньыт быһыытынан регистрацияламмыт сокуоннай ойоҕун аатыттан – 2021 сыл атырдьах ыйыттан саҕалаан 2025 сыл кулун тутарыгар диэри кэм иһигэр – дьыалабыай мас бэлэмниэх буолан, уопсайа 15 дуогабары түһэрсибит. Ону таһынан холбоон 29 мөл. солк. суумалаах 2 олорор дьиэни бэдэрээт ньыматынан тутарга кэпсэтэн, 2 дуогабарга илии баттаспыт. Ол эрээри тылыгар турбатах. Дуогабардаспыттар ортолоругар юридическай уонна биирдиилээн дьон бааллар.  

Бу киһи куорат суутугар киниэхэ сүктэриллэр буруйга толору сөпсөспөтүн биллэрбит. Кини бэйэтэ быһаарбытынан, ылыммыт эбэһээтэлистибэтин кэмигэр толорботоҕун төрүөтэ – 2022 сыллаахха дэлээнэҕэ үлэлиир биригэдьиирэ суорума суолламмыта (өлөрүү), бэйэтэ кыттыгастааҕын кытта тыл-тылга киирсибэтэҕэ, 2023 сылга мас бэлэмигэр туттуллар сыаналаах тэрилэ умайбыта уонна Алдан оройуонун куһаҕан суоллаах-иистээх сириттэн маһы тиэйэн аҕалыы уустугурбута буолбут. Кини  анаан-минээн сакаасчыттарыттан куотуна сылдьыбатаҕын, хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрээри тыаҕа сылдьыбытын быһаарбыт. Иэһин 2026 сыл сайыныгар диэри төлөһүөх буолан тылын биэрбит. Ол гынан баран, эмсэҕэлээбит өрүттэр полицияҕа кэлэктиибинэй үҥсүү түһэрэн, киниэхэ холуобунай дьыала көбүтүллүбүт.

Дьокуускай суута дьыаланы көрөн, үөрэтэн баран, 4 сыл кэтээн көрөр болдьохтоох 8 сыл көҥүлүн усулуобунайдык быһарга уураахтаабыт. Холуобунай дьыаланан гражданскай үҥсүү киирбэтэх.

Бу дьыаланы СӨ Үрдүкү суутун холуобунай дьыалаларга кэллиэгийэтэ үөрэтэн баран, эмсэҕэлээбиттэри өйөөн,  Куорат суутун быһаарыытын көтүрбүт уонна буруйдааҕы уопсай эрэсиимнээх хаайыыга ыытарга уураахтаабыт. Онон табыллыбатах мас бэлэмнээччини тута суут саалатыттан хаайбыттар. Ол эбэтэр, бириигэбэр күүһүгэр киирбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.