05.10.2026 | 12:39 | Просмотров: 68

Маҕаһыыны халаабат киһини харытыттан харбаабыттар.

Дьокуускай куоракка атыы-эргиэн туочукалаах урбаанньыт олохтоох Полицияҕа кимэ биллибэт дьон, түүн, маҕаһыын түннүгү алдьатан киирэн, 15 тыһ. солк. суумалаах аһылыгы сойботон тахсыбыттарын туһунан үҥсүү түһэрбит.
Маҕаһыыны халаабат киһини харытыттан харбаабыттар.
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

Өр-өтөр буолбакка, бэрээдэги араҥаччылааччылар уорбаланааччыны булбуттар. Уорбут сириттэн ырааҕа суох олорор, 39 саастаах эр киһи эбит. Түүн ааһан иһэн сиртэн улахан тааһы ылан, түннүк тааһын алдьаппытын билиммит. Ол киирэн биир булуок пиибэни кытта ас ылан тахсыбыт. “Уоруу” ыстатыйанан киниэхэ холуобунай дьыала көбүтүллүбүт. Суут  быһаарыыта тахсыар диэри уораттан тахсыбаккын диэн уураахтаан, уоруйаҕа дьиэтигэр ыыппыттар. Маннык, 90-с сыллардааҕыны санатар буруйу оҥоруу, сыана-ас ыараан элбээбэтэр ханнык.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.