Үлэтэ суох ахсаана эбиллэр
Итинтэн тыһыынча курдуга “үлэтэ суох” диэн бигэргэммит статустаах. Үлэтэ суох ахсаана, ааспыт сыл туһааннаах кэмигэр тэҥнээтэххэ, көрбүккүт курдук, биллэ эбиллибит. Онуоха 28 тэрилтэҕэ улахан сарбыйыы тахсыбыта олук буолбут чинчилээх. Ол курдук, аҥаардас “Якутия” ҮАПК-тан – 100-тэн тахса, нолуок сулууспатыттан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, 284 киһи сарбыйыыга хабыллыбыт.
Ол кэмҥэ, өрүү да буоларын курдук, аһаҕас турар үлэ миэстэтэ эмиэ баар. Күн бүгүн бакаансыйа ахсаана 1,5 тыһ. тэҥнэһэр. Итинтэн аҥаарын кэриҥэ – оробуочай идэлэр. Холобур, уот, гаас сыбаарсыгын, атыыһыт, суоппар, официант, харабыл, муоста сууйааччы, пуобар, монтёр үлэтин булуохха сөп. Оттон анал идэлээхтэртэн ордук инженердэргэ, программистарга, буҕаалтырдарга наадыйаллар.
Үлэтэ суох киһи Дьарыктаах буолуу киинигэр кэлэн, “Работа в России” портал нөҥүө сайабылыанньа суруйар. Оччотугар киниэхэ үлэ булунарыгар көмөлөһөр куратор сыһыарыллар. Былаан оҥостон, үлэлэһэн бараллар. Сорох түгэҥҥэ атын, эбии идэҕэ үөрэтэн да туран, үлэнэн хааччыйыахтарын сөп. Ол курдук, 14 үөрэх кыһатын кытта кэпсэтэн, үлэтэ суохтары босхо үөрэттэрэллэр. Ол түмүгэр былырыын 1200 киһи үлэ булуммут.