29.10.2026 | 18:00 | Просмотров: 117

Лермонтов уулуссатыгар бэкээринэ сокуоннайа суох үлэлии турбут

Киин уокурук управата урбаанньыт Третьяков Ю. А. Лермонтов уулуссатын 49 №-дээх дьиэтин таһыгар парковкаҕа сокуоннайа суох үлэлии турбут «Настоящая пекарня» павильону хомуйарга дьаһайда.
Лермонтов уулуссатыгар бэкээринэ сокуоннайа суох үлэлии турбут
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Киин уокурук управата
Бөлөххө киир

Эргиэн эбийиэгэ (НТО) сири-уоту туһаныы схематыгар суоҕа уонна маннык эбийиэктэри туруорар бобуллар сирин – парковка (!) миэстэтин баһылаан турбута быһаарылынна.

Урбаанньыт, болдьоммут кэм иһигэр павильону көтүрэн, тиэйэн илдьэ барыах тустаах. Инньэ гымматаҕына, туһааннаах матырыйааллары муниципальнай иниспиэксийэлэр управлениеларыгар күһэйэн көтүрүү туһунан сөбүлэҥ ыларга тиэрдиэхтэрэ. Оччоҕуна ороскуоту бас билээччигэ сүктэриэхтэрэ.

Санатан эттэххэ, Дьокуускайга сокуоннайа суох эргиэни утары ый биллэриллэн турар. Оннук көҥүлэ суох эбийиэк туһунан «НТО-Контроль» чат-бот нөҥүө үҥсүөххэ сөп.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.