Үлэлээбэтэх киһи биэнсийэҕэ хайдах тахсарый?
Арай үлэлээбит ыстааһым суох буоллун? Эбэтэр ыстааһым тиийбэт буоллун? Биэнсийэҕэ хайдах тахсабын? Маннык ыйытыылар Арассыыйаҕа элбэх киһиэхэ үөскүүллэр.
Бастатан туран, бэйэбит дааннайдарбытын бэрэбиэркэлэниэхтээхпит, ону Социальнай пуондаҕа тус лицевой счекка (ИЛС – индивидуальный лицевой счет) көрөбүт. Манна киһи үлэлээбит сирдэрэ, ыстааһа, страховкалаах усунуостара ыйыллаллар. Бу дааннайдары “Госуслуги” нөҥүө булабыт (ботка «выписка СФР о состоянии лицевого счета» диибит уонна «Получить выписку» талабыт). Докумуон тус кабинеппытыгар күн устата кэлэр. Ону сыныйан үөрэтэбит.
Туох эмэ сыыһалаах буоллаҕына олорор сиргитинэн Социальнай пуондаҕа, “Госуслуги” нөҥүө эбэтэр СФР саайтыгар көннөттөрөҕүт.
Үлэ ыстааһа тиийбэт буоллаҕына
Олоххо араас буолар. Үйэтин тухары үлэлээбит да киһи, официальнайдык дуогабар түһэрсибэтэх буоллаҕына, ыстааһа тиийимиэн сөп. Оччоҕо кырдьар сааһыгар биэнсийэҕэ тахсар баала кыра буолан хаалар. Маны көннөрүөххэ сөп дуо?
Ыстааска үлэлээбит эрэ сылларгыт киирбэттэр:
- байыаннай сулууспаҕа, ИДьМ уорганнарыгар, Росгвардияҕа, ФСИН. Баһаары утары үлэлиир сулууспаҕа, о.д.а. сылдьыбыт кэмҥит эмиэ ааҕыллар;
- “Об обороне” сокуоҥҥа олоҕуран, добровольческай хамсааһыҥҥа сылдьыбыт буоллаххытына;
- балтараатыгар диэри оҕону көрөн олорор кэмҥит. Уопсайа 6 сылы куоһарыа суохтаах;
- 1 группалаах инбэлиити, инбэлиит оҕону, 80 сааһын ааспыт киһини көрөн олоруу;
- үлэтэ суохтар учуоттарыгар туран босуобуйа ылбыт кэмҥит, о.д.а.
Онон кыра да көннөрүүнү киллэрдэххэ, ыстааскыт эбиллиэн сөп.
Ыстааһы уонна баалы атыылаһан ылыы
Страховой биэнсийэни ыларга судаарыстыбаттан ыстааһы атыылаһан ылыахха сөп – бэйэ сөбүлэҥинэн усунуостары төлөөн туран ыстааһы, бааллары эбии ылыахха сөп. Ол эрэн бу барыларыгар бэриллибэт өҥө.
***
Биэнсийэҕэ тахсаргыт чугаһаабыт буоллаҕына кэтэһэн олорумаҥ, СФР килийиэннэри кытта үлэлиир сулууспатыгар бара сылдьыҥ: дааннайдаргытын бэрэбиэкэлээҥ, тиийбэт докумуоннары хомуйсуҥ.
***
Инникитин СӨ Үбү сөпкө туһаныыга сатабыл эрэгийиэннээҕи киинин исписэлиистэрин кытта өссө да атын тиэмэлэргэ кэпсэтиилэри таһааран иһиэхпит.