22.10.2026 | 09:30 | Просмотров: 77

Үлэһит быраабын билиэхтээх.

Үлэ Кодексын тутуһан үлэҕэ ылыахтаахтар.
Үлэһит быраабын билиэхтээх.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга дьону сокуоннайа суох үлэлэтиини бохсор «итии линия» үлэлиир. Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата үлэһит быраабын көмүскүүр уонна үлэ сыһыаннаһыыларын сокуоннай оҥорор туһуттан «итии линия» үлэтин тэрийдэ.

Онно эрийэргэ маннык төрүөттэр баар буолуохтарын сөп: үлэлэтээччи үлэ дуогабарын түһэрсэртэн батынар, хамнаһы «сиэрэй кэмбиэргэ» биэрэр, кэмигэр төлөөбөт, эрэгийиэҥҥэ бигэргэммит хамнас алын кээмэйиттэн (МРОТ) намыһах хамнаһынан хааччыйар.

«Сиэрэй» хамнаһы ылар үлэһит маннык сыһыаннаһыы куһаҕан өттүнэн дьайарын өйдүөхтээх. Үлэлэтээччи баҕарбыт кэмиҥэр төлөбүрү тохтотуон сөп.

Бу үөһэ ааттаммыт түгэннэр эһиги үлэлиир тэрилтэҕитигэр тахсар буоллахтарына, ол туһунан «итии лииньийэ» маннык төлөпүөннэригэр эрийэн, биллэрэр толору бырааптааххыт:

✅Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа үлэлиир бөлөҕүн нүөмэрэ: 40-80-54 Саха ✅Өрөспүүбүлүкэтин Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйатын нүөмэ: 50-78-25

✅Үлэ судаарыстыбаннай инспекцията: 8 (914-2) 74-22-66 (бэнидиэньиктэн чэппиэргэ диэри, 10:00 чаастан 17:00 чааска диэри). Умнумаҥ: ТК олоҕуран, официальнайдык үлэҕэ киирии эрэ — үлэһит социальнай көмүскэллээх буолуутун мэктиэлиир.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.