«Өлбөт үйэлээх полк» онлайн-хаамсыы
Саха сирин олохтоохторо Бүтүн Арассыыйатааҕы «Өлбөт үйэлээх полк» («Бессмертный полк») онлайн сэлэлээн хаамсыыга кыттар кыахтанныбыт.
Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ Улуу Кыайыы туһунан историялаах. Биһиги эһэлэрбит, хос эһэлэрбит уһансыбыт Улуу Кыайыылара быйыл лоп курдук 80 сыла туолар. Бу бэлиэ күн баҕалаах барыта онлайн хаамсыыга кыттан, аймах Дьоруойун киэҥ эйгэҕэ иһитиннэрэр, биллэрэр бырааптаах. Оннук иэстээх даҕаны.
Онлайн хаамыыга кыттар туһугар бу дьыл муус устар 23 күнүттэн саҕалаан, ыам ыйын 6 күнүгэр диэри сайаапка ыытыллыахтаах. Онуоха Дьоруой хаартыскатын Арассыыйа «Өлбөт үйэлээх полкатын» саайтыгар – 2025.polkrf.ru сигэнэн, биитэр ВКонтакте сыһыарыыга vk.com/polk_app баттаан уонна Одноклассники ok.ru/app/polk киирэн хачайдыахха сөп. Ханныгы талбыккынан. Оттон онлайн хаамсыы ыам ыйын 9 күнүгэр 2025.polkrf.ru көстүөҕэ. Кытаатыҥ, түгэни мүлчү тутумаҥ.