04.11.2026 | 11:00 | Просмотров:
140
Лагманна астыахха
Бу олоҕурбут үгэһи тутуһан оҥоһуллар, онон классическай лагман дэнэр.
Ааптар:
Киин Куорат
Бөлөххө киир
4-5 порцияҕа барсар лагманы астыырга биһиэхэ наада:
400 г ынах этэ, 300 г лагман лапсата (бэйэ оҥостуон сөп), 2 устуука орто кээмэйдээх хортуоппуй, 1 моркуоп, 1 болгарскай биэрэс, 100 г күөх редька (дайкон), 1 устуука эриэппэ луук, чусунуок 2 өлүүскэтэ, 2 ост. ньуоска томат паастата, 3 ост. Ньуоска мас арыыта 2 -2,5 л ыраас уу эбэтэр бульон, бэйэҥ көрүүгэр туус уонна биэрэс, 1 ч ньуоска зира тума, 1 ч ньуоска мэлии кориандр, бэлэм буолбутун кэннэ үрдүгэр уурарга күөх тума, укроп биитэр петрушка наада.
Лагман бэлэмэ
- Эппитин ылан, сууйан, ыраастаан баран, кыра-кыра гына кырбастыыбыт.
- Казаҥҥа эбэтэр дириҥ көстүрүүлэҕэ мас арыытын кутан, ол үрдүгэр эппитин көмүстүҥү дьүһүннэниэр диэри ыһаардан ылабыт.
- Онтубутугар луукпутун бысталаан эбэн, өссө сырдьыгынатабыт.
- Ол кэннэ моркуоппутун соломкалыы быһаттаан, 5 мүнүүтэ ыһаардабыт.
- Салгыы болгарскай биэрэһи уонна редьканы соломкалыы бысталаан, 5-7 ыһаарылаан ылабыт.
- Итинтибит үрдүгэр томат паастатын эбэн баран, өссө 2 мүн. ыһаардан ылабыт.
- Ол кэнниттэн уубутун (бульоммутун) кутан, оргуйуор диэри күүтэбит.
- Уута оргуйда да, кубиктыы быһаттаабыт хортуоппуйбутун, чусунуокпутун, зирабытын, кориандры кытта туус, биэрэс эбэбит. 20-25 мүнүүтэ буһарабыт.
- Атын иһиккэ туустаах ууга лапсабытын буһарабыт.Уутун сүөкүүбүт.
- Дьэ, ол кэннэ дириҥ пиалкалары ылан, бастаан лапсаны, ол кэнниттэн буспут итии аспытын кутабыт.
- Үрдүгэр талбыт тумабытын ууран, киэргэтэбит. Сүөгэйдээх буоллахха, ону булкуйуохха сөп. Бүттэ. Минньигэстик аһааҥ.
Сонуннар
08.11.2026 | 08:30
Сулусчут сүбэлиир
07.11.2026 | 13:20
Аны, биир биэнсийэлээхтэн түөкүттэр 9,5 мөл. солк. үктэтэн ылбыттар!
07.11.2026 | 10:00
Арассыыйа Почтата биирдиилээн дьонтон суругу тиэрдии иһин ылар тарыыбын 15 % түһэрэр
07.11.2026 | 10:00
Өрөбүллэргэ бөрүөк астанабыт дуо?
07.11.2026 | 08:30
Сулусчут сүбэтин билис.
06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
06.11.2026 | 17:00
Биһиги дойдуга муҥутуур улахан, аарыма тайах скульптурата
06.11.2026 | 16:54
Таас тутуу элбииригэр ДСК кыттыыта улахан.
06.11.2026 | 16:30
Тыыммакка да олорон көрөрбүт...
06.11.2026 | 15:00
Түмэлгэ көрсүөххэ диэри!
06.11.2026 | 13:54
Аҕыйах күнүнэн өрөспүүбүлүкэ тутаах харыйатын туруоруохтара
06.11.2026 | 13:00
Элбэх кыбартыыралаах мас дьиэҕэ баһаар буолла
06.11.2026 | 12:14
Хотун Мелания – эйэ холуубун оруолугар
06.11.2026 | 11:30
Таксинан сылдьааччыларга үөрүүлээх сонун
06.11.2026 | 11:18
Дьокуускайга уот баран, хас да светофор үлэлээбэт
06.11.2026 | 11:10
Көҥүллэнэ илигинэ өрүһүнэн айаннаамаҥ
06.11.2026 | 10:51
Убайым туһунан истиҥник
06.11.2026 | 10:02
19, 5 мөлүйүөнү түөкүннээн ылбыттар!
06.11.2026 | 09:00
Дьокуускай үс оскуолатыгар – саҥа оптуобус
06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Ордук ааҕаллар
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.