20.05.2026 | 14:30 | Просмотров: 57

Лааҕырга босхо путевкаларын биэриэхтэрин баҕараллар

Туйгун үөрэхтээхтэри оҕо лааҕырдарыгар босхо путевкаларынан, оттон 100 бааллаахтары уонна олимпиадалар кыайыылаахтарын бэлэмнээбит педагогтарга федеральнай төлөбүрдэри олохтуурга этии киллэрэллэр.
Лааҕырга босхо путевкаларын биэриэхтэрин баҕараллар
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: yakutskcity.ru
Бөлөххө киир

Госдуума дьокутаата Сергей Миронов бэлиэтээбитинэн, үөрэххэ ситиһиилэр эмиэ федеральнай таһымҥа бэлиэтэниэхтээхтэр.

«Холобур, оҕо үөрэх сылын туйгуннук түмүктээтэҕинэ, кини оҕо лааҕырыгар босхо путевканы ылыахтаах” — диэн дьокутаат РИА Сонуннарын кытта кэпсэтиигэ эттэ.

Эбэн эппитинэн, кыһыл көмүс мэтээл иһин сынньалаҥы таһынан федеральнай төлөбүр көрүллүөхтээх; холобур, 5 тыһыынча солкуобай кэриҥэ. Кини саныырынан, бу улахан суума буолбатах, ол гынан баран оскуолаҕа ылыллыбыт билиини бэлиэтиир наҕараада, БКЭ-ҕэ бэлэмнэнии иһин буолбатах.

Үөрэнээччилэри эрэ буолбакка, учууталлары эмиэ наҕараадалыырга Госдуума этии киллэрэр. Билигин Арассыыйа сорох эрэгийиэннэригэр БКЭ-ҕэ 100 баалы ылбыттарга уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадалар кыайыылаахтарыгар төлөбүрдэр бааллар, ол гынан баран кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыттарга бириэмийэ сэдэхтик бэриллэр.

«Эрэгийиэннэр маннык төлөбүрдэри киллэрэллэрэ сөптөөх. Ол гынан баран бу оҕолору бэлэмнээбит учууталлары эмиэ наҕараадалыахха наада. Педагогтарга маннык төлөбүрдэр эмиэ сорох эрэгийиэннэргэ бааллар, ол гынан баран кинилэр федеральнай сокуонунан бигэргэтиллиэхтээхтэр», — диэн политик түмүктээтэ.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Анна Флегонтова: «Хаамыы биир эрэ куһаҕан өрүттээх...»
Сонуннар | 04.06.2026 | 17:46
Анна Флегонтова: «Хаамыы биир эрэ куһаҕан өрүттээх...»
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уонна киинэ артыыһа Анна Флегонтова тохсунньу 11 күнүттэн күн аайы хааман, 23 киилэни бырахпыт.
Түмэл киэн туттар экспоната – Максим Аммосов чаанньыга
Сонуннар | 01.06.2026 | 11:05
Түмэл киэн туттар экспоната – Максим Аммосов чаанньыга
«Киин куорат» таһаарыы «Түмэл киэн туттар экспоната» бырайыагар – М.К. Аммосов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын историятын түмэлэ.
Киирбит эрэ хараҕа хатанар
Сонуннар | 03.06.2026 | 11:00
Киирбит эрэ хараҕа хатанар
"Киин куорат" таһаарыы "Түмэл киэн туттар экспоната" бырайыагар Ленскэй улууһун Чамча нэһилиэгэр баар түмэлэ кыттар.
“Танцылыыр” баҕалара баһаам эбит
Сынньалаңңа | 03.06.2026 | 19:00
“Танцылыыр” баҕалара баһаам эбит
Урукку оҕолор, 80-с сылларга үөрэммиттэр, учууталлартан олуһун диэн толлор, куттанар, убаастыыр этибит. Эгэ, дьиэлэригэр үктэниэхпит дуу, тугу эмит көрдөһүөхпүт дуу.